Дмитрий Нестерович Самсонов 1917 сыллаахха сэтинньи 6 күнүгэр Орджоникидзевскай оройуон Маалтааны нэһилиэгэр «Даркылаах» диэн алааска, элбэх оҕолоох дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕалара Нээстэр оттоон-мастаан, сүөһү тутан олорбута. Дмитрий Холболоох 4 кылаастаах оскуолатын 1932 сыллаахха бүтэрбитэ. 1936 сылтан үөрэҕэ суох улахан дьону үөрэтэргэ анаммыта. Үөрэнээччилэрэ 2 сыл иһинэн, ааҕар, суруйар буолбуттара, ахсаан суоттуурга үөрэммиттэрэ. Кини бу кэнниттэн нэһилиэк сэбиэтин секретарынан талыллыбыта, маны сэргэ комсомольскай тэрилтэни салайбыта. Бу үлэлии сырыттаҕына 1942 сыл сайыныгар Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллыбыта. Сэриигэ кинини кытта эмиэ ыҥырыллан бииргэ төрөөбүт убайдара Григорий уонна Степан барбыттара. Челябинскай куоракка тиийэн сэриигэ бэлэмниир байыаннай үөрэххэ үөрэммиттэрэ. Онтон кинилэри хайыһар биригээдэтигэр пулеметчигынан анаабыттара. Дмитрий кыра убайынаан Степанныын бииргэ түбэһэн биир расчетка сылдьыбыттара. Григорий атын хайысханнан сэриилэһэ барбыта. Бырааттыылар биир дэриэбинэ иһин кыргыһыыга бомбалааһыҥҥа түбэһэн иккиэн бааһырбыттара. Убайа ол бааһыттан сырдык тыына быстыбыта, онтон Дмитрий госпиталга сытан эмтэнэн үтүөрбүтэ

Ити кэмтэн 1942 сыл балаҕан ыйыгар дылы запасной стрелковай батальоҥҥа стрелогунан, 1942 сыл балаҕан ыйыттан 1943 муус устарга дылы Ленинградтааҕы туспа гвардейскай хайыһар батальонугар ручной пулемётчигынан сылдьыбыта. 1944 сыл муус устар ыйтан ахсынньы ыйга дылы 599-с стрелковай полк пулеметчигынан сэриилэспитэ.

1944 сыллаахха ахсынньы ый 28 күнүгэр ыалдьан дойдутугар төннөн кэлбитэ. Фроҥҥа сылдьан 3 төгүл бааһырбыта, онтон 2 төгүлэ ыараханнык бааһырыы этэ.

Дмитрий Нестерович Ийэ дойдутун саа-саадах тутан көмүскээбитин иһин «За отвагу», «За победу над Германией», «За оборону Ленинграда», «За доблестный труд в Великой Отечественной войне» диэн медалларынан наҕараадаламмыта.

Дмитрий Нестерович ахтыытыттан: «Биһиги взводпутугар нууччалар, казахтар, татаардар, украинецтар сулууспалаабыттара. Ол эрээри мин казах Таган Турданы уонна украинец Николай Павловы өйдөөн хаалбыппын. Мин бииргэ төрөөбүт бырааппынаан Степанныын, Турдалыын уонна Павловтыын өстөөх тыылыгар сотору-сотору тахсарбыт. Мэлдьи ини-биилэр курдук сылдьарбыт. Биирдэ атахпар уонна санныбар бааһырбыппар казах уонна украинец доҕотторум бэйэлэрин олохторун кутталга киллэрэн туран, кыргыһыы хонуутуттан миигин таһааран турардаахтар. Араас национальностаах дьоннор бэйэ-бэйэлэригэр оннук көмөлөһөллөрүн мин элбэхтик көрбүтүм. Мин санаабар, биһиги нацияларбыт бойобуой союзтара өстөөҕү кыайбыт модун күүстэрэ итиниэхэ буолар».

Дмитрий Нестерович дойдутугар эргиллээт үлэ үөһүгэр түспүтэ. Кини 3 Маалтааны нэһилиэгин сэбиэтин председателинан талыллыбыта. Онтон бэйэтин баҕатынан үүт табаарынай ферматын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Онно үлэлии сырыттаҕына «Стахановец» колхоз правлениетын председателинан быыбардаммыта. Дьоҕурдаах салайааччы сатабыллаах дьаһалынан колхоз оройуоҥҥа бастыҥар кэккэлэригэр түргэнник киирбитэ.

«Өктөм» совхозка Төхтүр биригээдэтигэр сылгыһыттарга биригэдьиирдээбитэ , биригээдэ сылгыттан төрүөҕү ылыыга уонна сылгы ахсаанын элбэтии иһин үрдүк көрдөрүүнү ситиһэн 1966 сыллаахха биригэдьиир Самсонов Д.Н. «Үлэҕэ килбиэнин иһин» медалынан наҕараадаламмыта.

Дмитрий Нестерович 1967 сылтан Төхтүр маҕаһыыныгар старшай продавеһынан үлэлээбитэ. Кини маҕаһыын коллективын салайан үлэлээбит сылларыгар нэһилиэнньэ аһынан-таҥаһынан хааччыллыыта лаппа тупсубута. Кини нэһилиэк общественнай олоҕор актыыбынайдык кыттара, партийнай тэрилтэ солбуйар секретарынан, табаарыстыы суут председателинан элбэх сылларга үлэлээбитэ. Нэһилиэнньэ ортотугар иитэр-үөрэтэр үлэни күүскэ ыытара.

 

Кэргэнинээн Вера Романовналыын биир кыыс оҕоломмуттара, хомойуох иһин, оҕо сааһыгар күн сириттэн барбыта. Быраатын Николайы университет математическай факультетын, балтын Аннаны культпросвет техникумун үөрэнэн бүтэрэллэригэр күүс-көмө буолбута. Маны таһынан чугас аймахтарын оҕолорун ылан бэйэтин дьиэ кэргэнигэр иитэлээн атахтарыгар туруортаабыта.

Дмитрий Нестерович Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, потребительскай кооперация туйгуна, сэрии кэннинээҕи эйэлэх олоҕу тутууга үрдүк көрдөрүүлээх үлэтин, общественнай олоххо активнай кыттыытын иһин «Үлэ Кыһыл знамята» орденынан наҕараадаламмыта.

Кини 1988 сыллаахха 71 сааһыгар ыалдьан өлбүтэ.

Билигин Төхтүр нэһилиэгин олохтоохторо сэрии ветерана Дмитрий Нестерович Самсонов аатын үйэтитэн нэһилиэкпит биир уулуссатыгар кини аатын иҥэрбиттэрэ.