САХАМ СИРЭ ҮЙЭЛЭЭХ КИРБИИТЭ
- 29/04/2022
- 57
- нет
Муус устар 27 күнүгэр Хоточчуга Саха автономията төрүттэммитэ 100 сыллаах тэрээһинэ бэрт көхтөөхтүк буолан ааста.
Бастатан туран, үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубут дьон, Саха сирин өрөгөй ырыатын өрө көтөҕүллүүлээхтик ыллаан ньиргиттилэр. Тэрээһин сүрүн чааһа «Сахам сирэ үйэлээх кирбиитэ» нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ кыттыылаах биир үйэ иһигэр Өрөспүүбүлүкэбитигэр буолан ааспыт хамсааһыннары, чахчылары сыанаҕа история быыһын сэгэтэн, музыкальнай-театрализованнай туруоруулара киэргэттэ. Ол курдук, кыра дьоҕус тэрилтэлэр күүстэринэн уонна «Санаа хоту» мини-театр кыттыылаах 20-30 сыллары сыанаҕа оонньоон, оччотооҕу кэм ырыаларын ыллаан иһитиннэрдилэр. Холкуостааһын, нэһилиэнньэни маассабай үөрэхтээһин, ону таһынан комсомол ити кэмҥэ өрүү инники күөҥҥэ сылдьарын итэҕэтиилээхтик оонньоон, көрөөччүлэргэ бэртээхэй өйдөбүлү иҥэрдилэр.
Салгыы оскуола коллектива Аҕа дойду сэрии кэмин арыйан сырдатта. Биир дойдулаахпыт, суруйааччы А.Е. Варламова (Матвеева) – Айысхаана суруйбут «Былдьаһыктаах оҕо саас» пьесатын оскуола үөрэнээччилэрэ уонна учууталлар туруордулар. Маны сэргэ сыанаҕа сэрии кэминээ5и ырыалар ылланнылар, үҥкүүлээн да көрдөрдүлэр.
Оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ 50 сылтан бэттэх сайдыы кэмин арыйан көрдөрдө. Саха сиригэр ыал ахсын уот холбонуутун, телевизор кэлиитин, 70-80 сылларга буолан ааспыт чахчылартан биирдэстэрэ «Оскуола-Производство-Үрдүк үөрэх» хамсааһыны сырдатан, оччотооҕу көлүөнэ дьон эдэр сааһын санаттылар.
Бу дьоро киэһэҕэ «Сахам сирэ-эйиэхэ аныыбын!» диэн нэһилиэкпит тарбахтарыгар талааннаах дьоммут уус-уран оҥоһуктарын быыстапката турда. «Урукку кэм ахтылҕана» хаартысканан быыстапка уонна библиотека тэрийбит «Былыргы мал кистэлэҥэ» конкурс түмүгүнэн быыстапката кэлбит дьон болҕомтотун тарта.
Үбүлүөйдээх тэрээһини оһуохайынан түмүктээн, дьон-сэргэ астынан-дуоһуйан тарҕаста.
Сонуну сурукка тистэ олохтоох библиотека үлэһитэ Лира Яндреева
[su_youtube_advanced url=»https://youtu.be/IYk3mV3hv3o»]