Ыам ыйын 15 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ сылынан уонна  Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүнэн «Материнская слава Хангаласского улуса» диэн  кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааспыта.

Дьиэ кэргэн – уопсастыба тулхадыйбат төрдө, омук сайдар инники кэскилэ. Иллээх, бигэ туруктаах, чөл олохтоох дьиэ кэргэнтэн кэскиллээх ыччат иитиллэн тахсар. Бу үөрүүлээх күн мустубут биир дойдулаахтарбытын, ыалдьыттарбытын Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүнэн эҕэрдэлээтибит.

Хайа баҕарар омукка “Ийэ” диэн тыл кэрэттэн кэрэни, күндүттэн күндүнү бэлиэтиир. Ийэ диэн хас биирдии киһини олох суолугар сиэтэн киллэрэр, хайа да түгэҥҥэ өйүүр, өйдүүр, сүбэ-ама буолар, харыстыыр, араҥаччылыыр күҥҥэ тэҥнээх ытык киһи.

Ил Дархаммыт Айсен Николаев быйылгы 2022 сылы өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылын биллэрэригэр, хас биирдии киһи олоҕор дьахтар уонна ийэ буолуу ураты оруоллааҕын бэлиэтээн маннык эппитэ: «Хас биирдии киһи ийэттэн төрүүр. Уопсастыба инники дьылҕата ийэ оҕотун хайдах иитэн-үөрэтэн таһаарарыттан тутулуктаах. Ийэлэр оҕолорун тапталга уонна кыһамньыга ииттэхтэринэ, оҕо дойдутугар итэҕэллээх, инникитигэр эрэллээх буолар. Онон ийэ суолтатын үрдэтэр, тустаах болҕомтону уурар сыалтан 2022 сылы ийэ сылынан биллэрдим”.

 “Материнская слава Хангаласского улуса” кинигэ улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга  салалтатын салайааччыта, «Ил Эйгэ» улуус дьахталларын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ  Варламова Фекла Романовна проегынан уонна салайыытынан күн сирин көрдө. Кинигэҕэ улуус элбэх оҕолоох ийэлэрэ киирдилэр. Ийэлэр тустарынан матырыйааллары улуустааҕы кииннэммит библиотечнай ситим филиалларын бибилэтиэкэрдэрэ хомуйдулар. Кинигэ  350 ахсаанынан таҕыста.

1944 сыллаахха Сэбиэскэй  Союз Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун уурааҕынан «Дьоруой Ийэ» ытык аат, 1-кы, 2-с, 3-с истиэпэннээх «Ийэ албан аата» уордьаннар уонна 1-кы, 2-с истиэпэннээх Ийэ мэтээлэ олохтоммуттара. Кинигэҕэ биһиги нэһилиэктэн бу үрдүк наҕараадаҕа тиксибит 91 ийэ киирдэ.

“Дьоруой ийэ” үрдүк аат Ийэҕэ ытыктабыл, Ийэҕэ таптал, Ийэҕэ билинии бэлиэтэ. Биһиги нэһилиэкпититтэн “Дьоруой Ийэ” ытык ааты 4 ийэ ылбыта. Ол курдук,  1969 сыллаахха аан бастакынан 10 оҕолоох Данилова Елизавета Степановна, 1970 сыллаахха 11 о5олоох Павлова Анна Васильевна, 1973 сыллаахха 11 о5олоох  Павлова Тамара Ефремовна уонна 1986 сыллаахха 10 о5олоох Васильева Матрена Романовна.

Бу үөрүүлээх күн  “Малдьаҕар  2-с нэһилиэгэ” МТ аатыттан баһылык солбуйааччыта Кириллина Ирина Петровна кинигэ сүрэхтэниитинэн эҕэрдэлээн туран кинигэҕэ киирбит 12 ийэҕэ, Варламова Фекла Романовнаҕа уонна Трифонова Альбина Валерьевнаҕа эҕэрдэ сурук уонна сибэкки дьөрбөтө туттарда. Итини таһынан кинигэ автора Варламова Фекла Романовна ыалдьыт быһыытынан ыҥырыллан кэлэн, биир дойдулаахтарын, ийэлэри эҕэрдэлээтэ, сэбиэскэй кэмҥэ бэриллибит наҕараадалар историяларын кэпсээтэ, кинигэ хайдах хомуллан оҥоһуллубутун туһунан сырдатта.

«Дьоруой Ийэлэрбит» оҕолоро Улахан Аантан, Булгунньахтаахтан, Өктөмтөн, Дьокуускай куораттан кэлэннэр, ийэлэрин туһунан истиҥник санаан аастылар, улахан дьиэ кэргэннэрин туһунан сырдаттылар. Оҕону иитиигэ-такайыыга төрөппүттэр – ийэ уонна аҕа сүҥкэн сабыдыаллаахтарын уонна Ийэлэрин муҥура суох тапталларынан  улааппыттарын эттилэр.

Ийэ барахсан хас биирдии киһиэхэ күндүттэн күндү, саамай чугас, истиҥ киһибит. Сааһыран истэҕиҥ аайы киниэхэ махталыҥ, ытыктабылыҥ өссө улаатар, дириҥиир, күүһүрэр. Бастакы “Дьоруой Ийэ” үрдүк ааты сүкпүт Данилова Елизавета Степановна туһунан уола Данилов Семен Иванович билиһиннэрдэ.

Саха дьахтара былыр-былыргыттан уран тарбахтааҕынан биллэр. Хас биирдии түөлбэҕэ көмүс тарбахтаах дьахталлар тустарынан кэрэ кэпсээн элбэх. Ол курдук, Павлова Анна  Васильевна уран тарбахтаах иистэнньэҥ буолан, оҕолоругар, дьиэ кэргэнигэр, бар дьонугар таҥас тигэрин туһунан “Дьоруой Ийэ” уола Яковлев Виктор Никифорович ахтан-санаан ааста.

Дьиэ кэргэн туллар тутааҕынан ийэ буолар. Ийэ-иэримэ дьиэбит Иэйэхситэ, Алаһа дьиэбит Айыыһыта. Дьиэ кэргэн туруктаах буолара дьиэ хаһаайкатыттан, ийэттэн тутулуктаах. Дьоллоох оҕолору иитэн таһааран,  нус-хас эйгэлээх дьиэ кэргэни тэрийэн  төрөппүт аналын чиэстээхтик толорбут 11 оҕо күн күбэй ийэтэ, 19 сиэн, 29 хос сиэн эйэҕэс эбэтэ «Дьоруой Ийэ” Павлова Тамара Ефремовна туһунан кыыһа Жукова Павлина Михайловна долгуйан туран кэпсээтэ. Павлина Михайловна балтыныын Октябрина Михайловнаны кытта ыалдьыттаан барбыта.

Дьол диэн ыал дьон бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн, биир санаанан олоруулара. Оҕолоро-уруулара этэҥҥэ улаатан, үөрэхтэнэн, дьоллорун көрсөн, олоххо суолларын булунан олороллорун көрөн дуоһуйуу. Кырдьар сааскар кыһалҕаны билбэккэ чиргэллик уһун үйэлэнэн олоруу. Оҕолорун, сиэннэрин тапталларыгар куустаран быр-бааччы олорор 10 оҕолоох “Дьоруой Ийэ” Васильева Матрена Романовна туһунан улахан оҕото Васильев Олег Иванович билиһиннэрдэ. Бу күн Матрена Романовна 5 оҕото ыалдьыттаатылар.

Ийэ илиитин сылааһа, сымнаҕас куолаһа, истиҥ көрүүтэ, кини астаабыт минньигэс бэрэскитэ, ыллыктаах сүбэтэ, кэрээбэт кэпсээнэ хас биирдиибитигэр саамай күндү. Олоҕун устата үлэни өрө тутан кэлбит тыыл, үлэ бэтэрээнэ, 2 Малдьаҕар бочуоттаах олохтооҕо 7 оҕо күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн, хос сиэн, хос-хос сиэн эйэҕэс эбэтэ,  ытык кырдьаҕас Харитонова Елизавета Константиновна бар дьонугар, оҕолоругар  махтал уонна эҕэрдэ тылларын анаата.

Ийэ иэримэ дьиэни араҥаччылыыр, чугас дьонун көрөр-истэр, дьиэ кэргэн дьоллоох олоҕун түстүүр аналлаах. Кини оҕону иитиигэ болҕомтолоох сыһыаныттан, тапталыттан, бар дьоҥҥо эйэҕэс  сыһыаныттан, көмө-ама буолар амарах сүрэҕиттэн бүтүн уопсастыба кэскилэ түстэнэр. Биир оннук күн күбэй ийэнэн тыыл, үлэ бэтэрээнэ, 2 Малдьаҕар бочуоттаах олохтооҕо,  “2000 сылга 2000 үтүө дьыала”, “Саха АССР бастыҥ ньирэй көрөөччүтэ” бэлиэлэр хаһаайкалара Федорова Дария Павловна буолар.  Кини олоҕун туһунан сырдатта, тапталлаах кэргэнин, «Үлэ Кыһыл знамята” уордьан кавалерын Федоров Илья Дмитриевиһы  ахтан ааста . Ийэлэрин эҕэрдэлии 5 кыыһа соһуччу кэлэннэр  махтал тылларын эттилэр, сибэкки бэлэх ууннулар.

Оҕо күн сирин көрөөт аан бастаан ийэтин көрөр, кини сылаас илиитигэр угуттанан улаатар. Ийэбит биһиэхэ саамай күндү, чугас, ханнык да түгэҥҥэ өрүү өйдүүр-өйүүр киһибит буолар. Оҕо дэгиттэр сайдыылаах, норуотугар, дойдутугар туһалаах, үтүөҕэ тардыһар буоларыгар ийэ барахсан оруола улахан. Ийэ баар буолан, аан дойду чэчирии сайдар, ийэ баар буолан биһиги толору дьоллоохпут. Үлэ бэтэрээнэ, 2 Малдьаҕар бочуоттаах олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото,  5 оҕо тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбэтэ Мордосова Татьяна Гаврильевна тулаайах оҕо сааһын, эдэр сааһын, ыал буолар күндү күнүн туһунан истиҥ иһирэх кэпсээнэ дьону долгутта, күллэрэн да ылла.

Ийэ барахсан баарын тухары олох баар, Ийэ барахсан баарын тухары Орто туруу бараан дойдуга үөрүү-көтүү, дьол- соргу, үрдүк өрөгөй, үтүөҕэ талаһыы, ил, эйэ баар. «Оҕо да эрдэххэ, эдэр да сааска, баараҕадыйар да кэмҥэ, кырдьан сорсуйар да сахха «Ийэ барахсан кэккэлэһэ сылдьара, тустаах киһиэхэ – улуу дьол», – диэн эппитэ философскай наука доктора Борис Попов. Үлэ бэтэрээнэ, сэрии кэмин оҕото, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайката, 2 Малдьаҕар бочуоттаах олохтооҕо Борисова Матрена Афанасьевна үөрэн-көтөн туран биир дойдулаахтарын бырааһынньыгынан эҕэрдэлээтэ, доруобуйаны, дьолу баҕарда.

Кыыс омук анала, килбик кийиит буолан атын улууска сүктэн кэлэн, саҥа аҕа уус удьуорун ууһатан, халыҥ аймах билэ дьоннонон, кэнчээри ыччаттанан ытык-мааны саха ыалын ийэтин үрдүк аатын сүгэр. Үлэ бэтэрээнэ, 2 Малдьаҕар бочуоттаах олохтооҕо, 5 оҕо күн күбэй ийэтэ, “Көмүлүөк” түмсүү тутаах киһитэ Лукина Изольда Семеновна Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах Арыытыттан төрүттээҕин кэпсээтэ, “Материнская слава Хангаласского улуса” кинигэ тахсыбытынан эҕэрдэлээтэ.

Ийэбэр эппэтэх тылларбын

Иэйэммин аргыыйдык этиэхпин

Иэдэскэр оҕолуу сыстыахпын

Баҕардым күндү киһим — Ийээ

Ийэ үрдүк анала – сирдээҕи олоххо дьолу аҕалыы, олох оҥкулун оҥоруу, үтүөнү-сырдыгы үксэтии. Күн сирин сырдыгын көрдөрбүт  баар-суох саамай чугас киһибитигэр олохпут тухары махтанар ытык иэстээхпит. Кинигэҕэ киирбит бу олохтон туораабыт күндү ийэлэрбитин истиҥ, махтал тылларынан оҕолоро уйадыйан туран ахтан-санаан аастылар. Ол курдук, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, 9 оҕо күн күбэй ийэтэ Трофимова Варвара Семеновна туһунан кыыһа Тимофеева Светлана Пудовна, Саха АССР уонна Орджоникидзевскай оройуон бастыҥ ыанньыксыта, үлэ бэтэрээнэ Дулова Ирина Николаевна туһунан кыыһа Павлова Александра Петровна, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, истиҥ ийэ, эйэҕэс эбэ Яковлева Агафья Гаврильевна туһунан кыра кыыһа Лукина Татьяна Трофимовна.

Ити курдук биһиэхэ олох диэн саамай күндү баайы бэлэхтиир күн күбэй ийэлэргэ таптал, махтал истиҥ-кэрэ тыллара куруутун анана турдуннар! Саха норуотун тускулун туһугар элбэх оҕолоох ийэлэр элбээн истиннэр.

                                                             Альбина Трифонова, Улахан Аан модельнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ