«Трудовая слава Земли Хангаласской» диэн кинигэбит иккис туома дьэ бэчээттэнэн кэллэ. Үс сыл курдук сыралаһан туран бэлэмнээн күн сирин көрдөрдүбүт — 530 страницалаах, 66,25 усулуобунай бэчээттинэй лиистээх, 1000 ахсаанынан. Улууспут бары муниципальнай тэриллиилэрэ бастакы кинигэҕэ киирбэтэх (бастакы туом 2014 с. тахсыбыта) чулуу дьоннорун туһунан дааннайдары түмэн редакционнай сүбэҕэ ыыппыттара. Өрүү буоларын курдук, сүнньүнэн бибилэтиэкэрдэрбит барахсаттар үлэлэстилэр, дьаһалталар салайыыларынан.

Бу сыллар тухары сир-сир аайы салалталарбыт уларыйан, хамыыһыйабыт састааба ыһыллан, сүнньүнэн мин, сүрүн үлэм таһынан, нэһилиэктэри кытары үлэлээтим. Аһаҕастык этэбин — олус эрэйдэнним, кэллиэгэлэрбин да бу хамсык уустук кэмигэр эбии түбүккэ түһэрдим диэн. Арай ону кинигэҕэ ааттара киирбит дьон махтана ахтан уоскуталлар ини, ону даҕаны сыыһа-халты барбатах буоллаҕына (хас даҕаны алҕаһы ыйдылар …). Сыыһа өйдөбүл тахсыбыт буоллаҕына онон эрдэттэн бырастыы гынаргытыгар көрдөһөбүн, 1700 киһи олоҕун суруйар (дьону барытын толору билбэппинэн) ыарахан этэ. Кинигэ тахсарын, үлэ хайдах баран эрэрин туһунан мин хаһыакка хаста даҕаны суруйан турабын. Хомойуох иһин, оччолорго сурутааччы аҕыйах буолан эбитэ дуу, саҥа истээччи, «биһиги да дьоммут үлэлээн-хамсаан олорбуттара этэ» диэччи үгүс эбит ( өрүү итинник буолааччы). Дьиҥинэн, кинигэҕэ киирэр дьону олохтоох дьаһалталар хамыыһыйалара сүүмэрдээн, матырыйаалларын түмэн ыыппыта. Биир эмит бэйэлэринэн кырдьаҕастарын киллэртэрэ сатаан суруйууларын аҕалбыт дьон кандидатураларын дьаһалталары кытары сөбүлэһиннэрэргэ кыһаллыбыппыт.

Биһиги икки төгүл, ааспыт сыл атырдьах ыйыгар уонна бу сыл олунньутугар, электроннай почтанан дьаһалталарга оҥоһуллубут тиэкистэри көрүүгэ ыыталаан турабыт. Олус өр кэтэһиннэрэн сорохтор син эбии чуолкайдаан ыыппыттара, сорохтор — ууга тааһы бырахпыттыы сүппүттэрэ. Хас биирдии киһинэн мин онон бибилэтиэкэрдэрбин кытары үлэлээбитим. Олус үчүгэйдик Тиит-Арыы, Чкалов, Өктөм, Төхтүр, Кытыл Дьура, Үөдэй, Бэстээх сэлиэнньэлэрин, ону сэргэ илин эҥэр нэһилиэктэрин бибилэтиэкэрдэрэ үлэлээтилэр. Тугу чуолкайдатарбын син булан ыыта сатаатылар.

Покровскай куорат матырыйаалы түмүүгэ олох соһуллан испитин (онно мин иккитэ хамыыһыйаҕа сылдьыбытым этэ, биирдии киһинэн быһаарсыы буолта, сорохтору өссө соппуттара), мунньаҕынан муҥурданан бүппүппүтүн, хата, Фекла Варламова дьаһалынан улуустааҕы бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ дьоһуннук ылсан, тэрилтэлэринэн үллэстэн дааннайдары түмэн абыраабыттара, 300-чэкэ киһини киллэрдилэр. Онон бу дьоммутугар махтал буоллун! Кинилэргэ ыарахан этэ, элбэх тэрилтэ ыһыллан, дааннайдары хомуйар уустук буолта. Махтаныаҕыҥ, туруу үлэһиттэрбитигэр! Хомойуох иһин, мохсоҕоллоохтор туора турдулар, сэттэ эрэ киһини 6000 нэһилиэнньэлээх бөһүөлэктэн биэрдилэр. Кинигэбит иккис туомугар дьокутааттар, Хаҥаластан дуоктардар салааларыгар, уруккуга холоотоххо, аҕыйах киһи киирдэ. Ол оннугар Хаҥаластан бастыҥ үлэлээх «Ытык саас» бэлиэлээхтэри киллэрэ сатаатыбыт.

Кинигэ бастакы туомугар улууспутуттан төрүттээх Дьокуускайга олорор ытык дьоммут Заморщиковтар, Евдокия Михайловна уонна Иннокентий Петрович, ылсан үлэлээбит буоллахтарына, бу сырыыга тиэкистэргэ тэхиниичэскэй өттүн соҕотоҕун оҥордум, корректор да суоҕа. Иннокентий Заморщиков «Хаҥалас» уопсастыбаттан куоракка баран олохсуйбут, урукку өттүгэр улууска үлэлээбит үтүө дьонун түмэн киллэртэрэргэ кыһалынна. Хаартыскалары чочуйууга, киэргэтиигэ худуоһунньук Николай Харитонов сыраласта, онтон кинигэни бэйэтин бэчээккэ бэлэм гына таҥыыга суруналыыс Алексей Егоров, эмиэ сүрүн үлэтин таһынан, бириэмэни аахсыбакка үлэлээтэ. Бу кинигэ редакция үгүс үлэһиттэрин кыттыытынан, кинилэр уопуттарыгар тирэнэн таҕыста диэтэхпинэ сыыспатым буолуо — бары оборудованиены үрдүттэн туһанан, наада буоллаҕына тута бэчээттэһэн, хаартыскалары сканердаан о.д.а.

Үлэ түмүктэммитин кэннэ, ахтар элбэх. Итиччэ элбэх киһи биографиятын биир халыыпка түһэрэр, дааннайдарын ардыгар чуолкайдыыр, эбэр түбүктээх этэ. Сорохтор алталыы страницалаах тэрилтэ отчуотун бу киһибит үлэтин түмүгэ диэн, өссө сахалыы тылынан, аҕалбыттара баара. Аны үгүс бэтэрээннэргэ Владимир Путин бырааһынньыктарынан Махтал тыллаах аккырыыккаларын «Махтал сурук туппута» диэн ыыталлара, наҕараадаларга, анал ааттарга бутуллуу элбэҕэ. Онтон төрөөбүт, өлбүт ыйы, күнү, сири-уоту ыйыыга, кэргэн аатыгар, оҕоҕо үгүс түбүгү көрүстүбүт. Төһө кыалларынан толору киллэрэ сатаатыбыт (бастакы кинигэҕэ киирбэтэҕэ куһаҕан этэ диэн). Хаартысканы булууга аны суотабай сибээс баара абыраата. Биһиги дьаһалталартан, тэрилтэлэртэн кэлэн чуолкайдаспыт, хонтуруолласпыт дьоммутугар махтанабыт. Куһаҕана диэн, хамсык да мэһэйдээн буолуо, бэтэрээннэрбит сэбиэттэрэ аанньа кыттыспатылар, онтон дьаһалталарбытыгар эдэрдэр үлэлииллэр эбээт, олохтоох дьону, ону ааһан урут үлэлээбит кырдьаҕастары, аанньа билбэттэр. Күүтэн, ирдэһэ сатаан баран мин үксүгэр киминэн эмэ сиэттэрэн булан сорох дааталары, хаартыскалары чуолкайдаатым. Улуус дьаһалтатыттан Ангелина Платонова күүс-көмө буолла.

Биһиги хара ааныттан сүнньүнэн производствоҕа үлэлээбит дьону, кырдьаҕастары киллэрэргэ дьулуспуппут. Олорбут үксүгэр улахан наҕараадалара да суох этэ, ол эрээри үлэһит, киһи киһитин быһыытынан улаханнык ахтыллаллара. Чэ, онон, туох баарынан, кыалларынан буолла. Улууспут дьаһалтата, дьокутааттарбыт Сэбиэтин Мунньаҕа суолта биэрэн кэмигэр үбүлээһинин дьаһайбытыгар махтал. Бу билиҥҥи кэмҥэ улахан дьыала! Кинигэни олохтоох дьаһалталартан, бибилэтиэкэлэртэн ылыахха син.

 

Людмила Аммосова, газета «Хангалас»

Источник: ханаласгазета.рф