Саха норуодунай суруйааччыта Петр Николаевич Тобуруокап 105 сылыгар анаан
- 25/10/2022
- 76
- нет
Алтынньы 22 күнүгэр улуустааҕы кииннэммит библиотека иһинэн үлэлиир “Өлүөнэ долгуннара” айар түмсүү,саха норуота биир талааннаах, норуодунай суруйааччытыгар анаан тэрээһин ыытта. Манна суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан иһитиннэрии оҥордо салайааччы Колесова Л.Н., хоһооннорун истинник аахтылар Прокопьева М.А., Федорова С.С. — Саргылаана Сайын, Петрова Т.М. – Мойуу Кыыһа.
Тобуруокап дойдутугар Үөһээ-Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр, сылын ахсын ыытыллар «Тобуруокап көмүс күһүнэ» күрэх туһунан Петрова Т.М. – Мойуу кыыьа, С.С. Федорова — Саргылаана Сайын ирэ-хоро кэпсээтилэр. Айар куттаах дьон маннык бэлиэ тэрээһиҥҥэ сылдьан, ис эйгэлэрэ ырааһырарын, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыыһалара күүһүрэрин, айылҕалыын алтыһан күүс-уох ылынан кэллибит диэн бэлиэтээтилэр. Мойуу Кыыһа норуодунай поэт түмэл –уһаайбатыгар, алтыс төгүлүн ыытыллыбыт «Тобуруокап көмүс күһүнэ» хоһоон күрэҕин кыттыылаахтарын кинигэтин бэлэх уунна.
Айар куттаах дьоммут истиҥ – иһирэх көрсүһүүттэн астынан, дуоһуйан тарҕастылар.