САҺАРБЫТ ХАҺЫАТ СЭҺЭРГИИР. Матрена Гаврильева – бастакы трактористка
- 24/11/2022
- 50
- нет
1946 сыллаахха «Советтар Знамялара» хаһыат тохсунньутааҕы нүөмэригэр тахсыбыт бэлиэтээһиҥҥэ дьахталлартан бастакы уонна бастыҥ трактористка, ССРС Верховнай Советын депутата Гаврильева Матрена Егоровна туһунан хайдах баарынан суруллубутун, ааҕааччылар сэҥээриилэригэр таһаарабыт. Сурукка тистэ Хоточчу олохтоох библиотека үлэһитэ Лира Яндреева.
БИҺИГИ КАНДИДATTАРБЫТ ТУСТАРЫНАН КЭПСЭЭННЭР
МАТРЕНА
Советскай былаас маҥнайгы сыллара. „Быһаҕас ыала“ диэн былыргыта, үһүс Маалтааны нэһилиэгэр киирэр аҕыйах, онно-манна, сиртэн быкпыт курдук самналлыбыт дьиэлэрдээх сайылык. Бу сайылык соҕуруу уһугар, оҥойбут түннүктээх, муостата суох буор сыбахтаах туруору балаҕаҥҥа чугас да ыалларыгар баара суоҕа биллибэтэх, caҥa ыал буолбут кыра уҥуохтаах, ол гынан баран модьу көрүҥҥээх Гаврильев Егор олорбута. Кини кэргэнэ ыаллыы нэһилиэгэ—Дьэр кыыһа этэ. Дьадаҥы, сайыныгар Белолюбскай кулаакка дэһээтинэ охсор, кыһыныгар от-мас тиэйэр тулаайах уолчаан хантан ыраахтан сир өтөн кэргэн ылыыһык. Төһө да сыа- арыы үрдүгэр сыбаайбалаабатахтарын, хол-буут үрдүгэр холбоспотохторун иһинэйэ дэмнээхтик олорбуттара.
Маҥнайгы дьоллоро-кыыс. Урукку дьон абыычайынан, төһө да кыыс буоллар, урут хайалара да тулаайах хааланнар ыал муннугар сырай-харaх кэтээн үөскээбит буоланнар, ыал аатын ылан oҕо төрөппүттэригэр олус үөрбүттэрэ.
Маҥнайгы оҕолорун истэр кулгаахтарын кулукутугар, көрөр харахтарын көмүскэтигэр холоон, олохторун дьоло кини эрэ буолан атын ыал оҕотуттан итэҕэһээбэтэр диэн иитэн испиттэрэ. Матрена диэн ааттааҕын бэйэлэрэ таптаан Моотуона диэн ааттыыллара.
Мотя оскуолаҕа барар сааһа буолар. Аҕыстаах кыра кыысчаан дьиэтиттэн алта биэрэстэ сиргэ сылдьан үөрэнэр. Мотя 6—7 саастааҕар төрөөбүт сылы- сыллатааҕы сурустаах балтын ньээҥкэлиир, оскуолаттан кэлэн баран aҕыстаах кыысчаан лэппиэскэ оҥорон буһарар. Ийэтэ урукку олох ыыра-дьаара —сэллик ыарыыга ылларан сытар.
Мотяны үөрэтэр учууталлара—улахан киһилии көрсүө, учуутал кэпсиирин олус оттомноон истэр, илиитин хаһан да ууммат гынан баран, ыйыттаххына олохтоох баҕайытык кэпсиир дииллэрэ.
Эһиил 4 кылаастаах оскуоланы бүтэриэм дии сырыттаҕына, ийэтэ олохоронтон турбат буолар.Быа синньигэһинэн быстар диэбиккэ дылы аҕата эмиэ аһааҕырар. Онтон эмискэ бэргээн аҕыйах хонукка ыалдьан аҕалара өлөр. Мотя үөрэнэр санаата олох кыһалҕатынан быһыллар. Аны дьиэ иһинээҕи- таһынааҕы үлэлэр киниэхэ сүктэриллэллэр.
Биирдэ Мотя Дьэргэ бара сылдьан таайа аах колхозка киирбиттэрэ хас да сыл буолбуттарын билбитэ уонна олохторо тосту уларыйан, дьиэлэригэр киһи атаҕын сотто-сотто киирэр ыала буолбуттарын санаатыгар кэрэхсээн кэлэн ийэтигэр кэпсээбитэ.
Ийэтэ төрөппүт оҕотун санаатын хайдах таайбат буолуой, кини колхозка киириэх диэн эппэтэҕин да иһин oҕотo оннук санаалааҕын билбитэ. Киэһээ лаампа симирик уотугар Мотятыгар, колхозка ылалларыгар көрдөһүү суруттарбыта.
Мотя колхозка киирбитэ аҕыйах ый буолаат, ханнык баҕарар үлэни ымсыырбыт-баҕарбыт курдук уонна ситэри-хотору толорорунан колхоз салайааччыларыгар уонна колхозтаахтарга биһирэттэрбитэ.
1941 сыллаах саас. Сааскы эйэҕэс сассыарда, Өктөмнөөҕү МТС тракторнай паркатыттан тахсан, трактористар колхоз хонуутун буойунугар олоро, олоро сааскы ыһыы үлэтигэр колхозтар диэки утуу-субуу, уҥа-хаҥас суолларынан ньириһитэ турдулар.
Карл Маркс аатынан колхозка иһэр трактордар колонналарын Матрена баһылаабыт этэ. Колхозтаахтар — бай, биһиги Мотябыт бэлиэр тракторист буолбут! Маладьыас, Мотя маладьыас!—дэһэн улаханнык үөрбүттэрэ.
Оттон таайа Давыд сиэнэ кыыс хайдахха дылы холкутук, эрэмньилээхтик уруулун тутан олорон иһэрин көрө-көрө, быдан үйэҕэ буруотун биэрбэт буолбут хамсатын оборо-оборо саҥата суох ис сүрэҕиттэн мичээрдии, трактордар ааһалларын көрө турбута…
Геннадий ЛУКИН
Улуустаа5ы хаьыат урукку нуемэрдэрэ — биьиги электроннай библиотекабытыгар http://xang-elib.ru/collections/30