«Арылыйар кустук» кинигэ сүрэхтэннэ
- 02/06/2023
- 77
- нет
Ыам ыйын 29 күнүгэр, Улахан Ааҥҥа, саҥа буруолуу сылдьар ахтыы-кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Ахтыы-кинигэ Кононова Александра Иннокентьевна-Арыыска олорон ааспыт олоҕун сырдатар. Кинигэни Александра Иннокентьевна кыыһа Элеанора Андреевна Устинова хомуйан, сүүрэн-көтөн таһааттарда. “Долун” типографияҕа уопсайа 50 тирааһынан таҕыста. Кинигэ сүрэхтэниитин “Аан-Аартык” култуура киинин үлэһитэ Черемкина Римма Александровна ыытта.
Бу үөрүүлээх күн П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театр артыыстара СӨ норуодунай артыыската, сыана маастара, уус-уран ааҕыы уонна киинэ эйгэтин уһулуччулаах талаана Зоя Багынанова уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Куприян Михайлов күндү ыалдьыттарынан буоллулар. Александра Иннокентьевнаны кытта театрга үлэлээбит сылларын, артыыс, киһи, ийэ быһыытынан хаачыстыбаларын ахтан-санаан аастылар. Зоя Петровна уус-уран ааҕыытын, Куприян Васильевич гитаранан ырыаларын дьон-сэргэ уруйдуу иһиттэ. Маны таһынан Александра Иннокентьевна бииргэ төрөөбүттэрэ, үөлээннээхтэрэ, бырааттара, балтылара, ыаллыы олорор дьоно, табаарыстара истиҥ-иһирэх тылларынан ахтан-санаан, ыллаан-туойан бардылар.