Оһуохай-төрүт үгэс үҥкүүтэ

от автора

в

Оһуохай бастатан туран поэзия, иккиһинэн ырыа, үсүһүнэн үҥкүү курдук норуот айар дьоҕурун бииргэ түмпүт ураты көрүҥ буолар.
Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх баайын – саха төрүт үҥкүүтүн «Оһуохайы» харыстыыр уонна тарҕатар соруктаах сыалтан Оһуохай күнэ ыам ыйын  25 күнүгэр биллэриллибитэ, киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнээри турар.
Оһуохай  — саха омук түҥ былыргы култууратын сүдү көрүҥэ буоларын бүгүн Бырааттыы Николаевтар ааттарын сүгэр 2-Дьөппөн орто оскуолатын оҕолоругар «Оһуохай-төрүт үгэс үҥкүүтэ» диэн тэрээһин ыыттыбыт, оҕолор видеоурок көрдүлэр, оһуохай көрүҥнэрин, тутулун, түһүмэхтэрин билистилэр,саха омук күҥҥэ сүгүрүйэр үҥкүүтүн хамсаныыларын хатылаатылар,түмүгэр кинигэ быыстапкатын сырдаттыбыт.


Комментарии

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *