Творцы науки
- 25/01/2021
- 57
- нет
[su_youtube_advanced url=»https://youtu.be/6mqwY7MQXUA»]
2021 сылга Россияҕа наука уонна технология сыла биллэриллибитинэн библиотекаҕа «Творцы науки» диэн биһиги нэһилиэкпититтэн төрүттээх олохторун наукаҕа анаабыт биир дойдулаахтарбытын сырдаттыбыт. Уопсайа 3 наука доктордара уонна сэттэ наука кандидаттара бааллар. Олортон республикаҕа киэҥник биллэр, республика бочуоттаах олохтооҕо, Россия транспорын академиятын доктора, өр сылга Саха Сирин Тимир суоллара акционернай компания генеральнай директорынан, кэлин солбуйааччытынан таһаарыылаахтык үлэлээбит Трофимов Дмитрий Дмитриевич. Тарская Лариса Аркадьевна – медицина доктора, генетик быраас. Москва куоракка ординатураҕа уонна аспирантураҕа үөрэммитэ, Аллайыахаҕа, Дьокуускай 1 нүөмэрдээх балыыһатыгар лабораторияҕа үлэлээбитэ. Билигин АХШ олорор,науканан дьарыктанар. Карпов Николай Степанович – биологическай наука доктора. СӨ Россия наукаҕа академиятын Сибиирдээҕи отделын үтүөлээх ветерана. 70 тахса научнай үлэ, 2 монография автора.
Наука кандидаттара
Гурьев Иннокентий Павлович – ССРС наукатын үтүөлээх ветерана. 1937 сыллаахха 2-с Малдьаҕар нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. СГУ бүтэрэн баран, 1967 сыллаахха ССРС наукаҕа академиятын Сибиирдээҕи филиалыгар үлэтин саҕалаабыта. 1992 сыллаахха саха сылгытын боруодатын үөрэтэн научнай диссертациятын көмүскээбитэ. 1999-2011 сылларга тыа хаһаайыстыбатын чинчийэр институкка үлэлээбитэ.
Гоголева Александра Николаевна-ХИФУ педагогическай институтун доцена, педагогическай наука кандидата.
Голокова Вера Степановна – педагогическай наука кандидата, ХИФУ медицинскай институтун доцена,
Рожин Валентин Самсонович – тыа хаһаайыстыбатын кандидата.
Иванова Валентина Самсоновна – биологическай наука кандидата, 1977-1980 сыллардаахха Ленинградка аспирантураны бүтэрбитэ.
Трофимова Валентина Михйловна – педагогическай наука кандидата, 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын учутала.
Сивцева Наталия Александровна – филологическай наука кандидата, 2007 сылтан РНА СС гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омук кыһалҕаларын үөрэтэр институт научнай үлэһитэ.