Улуус киин бибилэтиэкэтэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа араас элбэх тэрээһиннэри, көрсүһүүлэри ыытар. Ол курдук, бу сылга тэрээһиннэрбит номнуо саҕаланнылар. Кыһыҥҥы уһун кэмҥэ, өбүгэ саҕаттан тохсунньу ыйга таҥха кэмэ ыытыллара. Бу кэмҥэ айылҕа иһийэн утуйа сытар кэмэ, туох барыта уу чуумпу. Ол бириэмэҕэ таҥха таайтарыылаах кэмэ саҕаланар этэ. Былыргы таайтарыылартан бүгүҥҥээҥҥэ диэри кэлбит, бүлүүһэ сүүрдүүтэ, күлүгү көрүү, биһилэх көрүү, ууннан таайааһын курдук көрүҥнэр көстөллөр.
Тохсунньу 18 күнүгэр «Таҥха иһиллээһинэ» диэн киэһэ ыытылынна. Бу тиэмэҕэ сөптөөх кинигэ быыстапката тэрилиннэ, бибилэтиэкэр Маргарита Семенова мустубут дьоҥҥо таҥха туһунан иһитиннэрии оҥордо. Бу күн баҕалаах дьон таайтардылар, кинигэнэн көрдүлэр, хаартынан сэрэбиэйдэннилэр, ыстакааны таллылар. Салҕыы интэриэстээх дьон астрология, фэн-шуй, баз-цы курдук көрүҥнэргэ суруттаран бэйэлэригэр тустаах информацияны, билиини -көрүүнү ыллылар, астынан тарҕастылар.