Кулун тутар 20 чыыһылатыгар 12-00 чааска  “Аан дойдутааҕы Поэзия күнүгэр” аналлаах улуустааҕы бибилэтиэкэҕэ литературнай тэрээһин  буолан ааста. Саҥа сүрээнинэн  “Биир этииттэн” диэн 8 мүнүүтэҕэ хоһоон айыытыгар күрэх буолла. Быйылгы сыл Саха сиригэр доруобуйа сылынан биллэриллэн күрэх доруобуйа тематыгар ананна, онон хоһооннор барыта чөл олох, дьиэ кэргэн, доруобайа туһунан буоллулар. Түргэнник айыы күрэх кыайылааҕынан  Ефремова Вилена –Айылҕа Оҕото “Арыгы дьаат” хоһоонунан таҕыста. Вилена – Айылҕа оҕото 1 Дьөппөнтөн төрүттээх, билигин Дьокуускайдааҕы  Педагогическай Колледж дошкольнай отделениятын 2 куурсун студенката. “Өлүөнэ долгуннара” айар түмсүүгэ оскуоланы бүтэрээт киирбитэ.

Тэрээһиҥҥэ биһиги киэҥ туттар түмсүүбүт кыттыылаахтара  Нарыйа- Борисова Н.Н., Ылдьаа Хоточчу – Васильев И.А.,  Мойуу Кыыһа – Петрова Т.М., Сысоева Р.П. уонна да атыттар. кыттыыны ыллылар.

“Өлүөнэ долгуннара” айар түмсүү кыттыылаахтара атах тэпсэн олорон, сэһэргэһэн Аан дойдутааҕы поэзия күнүн бэрт сэргэхтик бэлиэтээтилэр.