1941 сыллаахха сайын алаастан алааска, түөлбэттэн түөлбэҕэ, дьиэттэн дьиэҕэ сэрии буолбут ыар сураҕа тилийэ көппүтэ. Сотору кэминэн фроҥҥа ыҥырар бэбиэскэлэр кэлитэлээн барбыттара. Бастакы ыҥырыкка барбыттартан үгүстэрэ иэримэ дьиэлэригэр төннүбэтэхтэрэ, сэрии уот будулҕаныгар умсубуттара.
Саха сириттэн сэрии фронугар айаннаан тиийэллэрэ бэрт ыарахан этэ. Борохуотунан Өлүөнэ эбэнэн устан, тимир суолунан айаннаан тиийэллэрэ. Ол да иһин буолуо сэриигэ ыҥырыы ордук сайыҥҥы ыйдарга буолара. Байыаннай кэм ирдэбилинэн Саха сириттэн тиийбит саллааттары байыаннай дьыалаҕа үөрэтиини Иркутскай уонна Чита уобалаһыгар, Бурятияҕа тэрийэллэрэ. Онон Саха сириттэн барбыт саллааттар Забайкальскай Военнай окрукка киирэллэрэ.
Сэрии бастакы сылларыгар Дьокуускай куорат холбоһуктаах республиканскай военнай комиссариат дьону армияҕа мобилизациялыыр этэ, чугастааҕы оройуоннары хабан туран. Манна Нам, Горнай уонна биһиги оройуоммут киирэллэрэ. Онтон Орджоникидзевскай оройуонун военкомата туспа 1943 сыллаахха муус устар 25 күнүгэр тэриллибит эбит. Ол иһин, бастакы хомуурга сэриигэ барааччылар «Память народа», «Подвиг народа» сайтарга баар докумуоннарыгар көрдөххө «был призван Якутским РВК» диэн суруктаахтар.
Саха сиригэр сэриигэ хомуйуу, тэрийэн ыытыы ыараханын ааһан, ыраах-ыраах алаастарынан, сыһыыларынан, арыыларынан олорор дьоҥҥо бэбиэскэни тиэрдэр эмиэ туспа кыһалҕаны үөскэтэрэ, диэн суруйаллар үгүс кинигэлэргэ.
Билигин тэрээһин барыта бобуллан, онлайн халыыбынан ыытылла турар. Онон идэбинэн да5аны уонна аныгы сайдыылаах үйэҕэ олорорбутунан –куйаар ситимэ күүскэ сайдан турар кэмигэр, манна кэпсэнэр матырыйааллары кинигэлэргэ, сэрии кэминээҕи хаһыат суруйуутугар сигэнэн, ахтыыларга олоҕуран уонна электроннай архыып матырыйаалларыттан туһаммыппын сырдатыам.
Биһиги нэһилиэктэн чопчу бачча киһи сэриигэ барбыта диэн этэр эмиэ уустук курдук. Холобура; манна төрөөбүт киһи, сэриигэ барарыгар атын нэһилиэккэ Өктөмнөөҕү МТСка, Покровскай кирпииччэ собуотугар үлэлии сылдьан ыҥырыллан барбыттар, иккистээн киириилэрэ эмиэ баар суол.
2020 сыллаахха биһиги улуус кыраайы үөрэтээччитэ, нэһилиэкпит историятын чинчийэр Скрябина Капиталина Гаврильевна хомуйан-таҥан таһаарбыт, сурукка киллэрбит «Өйдөбүнньүк. Ханалас улууһун 1-Дьөппөн нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ-Аҕа дойду сэриитин сылларыгар» диэн кинигэтигэр сурулларынан, нэһилиэктэн (манна 1-Дьөппөнү, Хоточчуну, Нөөрүктээйини киллэрэн туран) уонна манна олоро сылдьыбыт 203 киһи сэриигэ ыҥырыллыбыт, ол иһигэр 49 киһи сураҕа суох сүппүт диэн суруллар.
Төрөөбүт түөлбэтиттэн, иэримэ дьиэтиттэн, чугас дьонуттан арахсан, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ баран, кырыктаах кыргыһыы хонуутугар охтубут, сурахтыын сүппүт биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын ааттыы, үйэтитэ турар биһиги ытык иэспит. Варламов Гаврил Николаевич, Варламов Егор Николаевич, Варламов Петр Васильевич, Васильев Максим Васильевич, Васильев Илья Алексеевич, Васильев Петр Афанасьевич, Габышев Павел Гаврильевич, Габышев Павел Петрович, Егоров Алексей Николаевич, Егоров Гаврил Романович-2, Егоров Тит Иванович, Иннокентьев Федор Дмитриевич, Леонтьев Алексей Дмитриевич, Леонтьев Александр Дмитриевич, Макаров Егор Денисович, Матвеев Василий Иванович, Матвеев Николай Дмитриевич, Матвеев Петр Иннокентьевич, Никаноров Егор Антонович, Пестерев Афанасий Осипович, Пестерев Василий Алексеевич, Пестерев Петр Афанасьевич. Петров Дмитрий Егорович, Протодьяконов Петр Прокопьевич, Рыжих Егор Федорович, Терентьев Николай Афанасьевич, Устинов Михаил Михайлович.
«Сураҕа суох сүттэ!» диэн ыар сурах кэлэн, төһөлөөх харах уутун тоҕон, чугас дьонун аймаабыта буолуой?..
«Аҕам Нөөрүктээйи сириттэн сэриигэ барарыгар сэттэлээх кыыспын. Сэриигэ барыы аймааһынын үчүгэйдик өйдүүбүн. Ийэм, эбэлээх эһэм тылларыттан матан, чэйдии олорон харахтарыттан уу-хаар баһаллара. Эбэм кэлин саҥа таһааран ытаан муҥнаммыта. «Дьону ытата-ытата ханна барар баҕайытай?»- диэн мин орон улаҕатыгар чөкөллөн олорон муодарҕыы көрөрүм. Бэһиэн аттаах, аппаны туораан айанната турбуттара»-диэн ахтар 2018 с тахсыбыт «2-Нөөрүктээйи нэһилиэгэ» диэн кинигэҕэ, сэрии толоонуттан төннүбэтэх Тит Иванович Егоров кыыһа Калиста Титовна.
Тит Иванович сэриигэ барыан иннинэ «Жданов» колхуоска 10 сыл бэрэссэдээтэллээбит, кэргэнэ 4 кыра оҕолоох хаалбыт. Сэриигэ өлбүт аҕаларын хорсун-хоодуот быһыытын иһин 1943 сыллаахха «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмытын, хойут оҕолоругар туттарбыттар. «Нөөрүктээйиттэн бастакы хомуурга 1941 с атырдьах ыйын 16 күнүгэр бэһиэ буолан – Егоров Тит, Протодьяконов Бүөтүр, Петров Миитэрэй (эргиллибэтэхтэр) уонна Леонтьев Миитэрэй, Петров Ньукулай буолан барбыттара» — диэн ахтар Калиста Титовна.
Оччотооҕу кэмҥэ манна 2 бөдөҥ колхуос: Нөөрүктээйи нэһилиэгэр «Жданов» колхуос, онтон 1-Дьөппөн нэһилиэгэр 6 колхоз баарыттан «Буденнай» колхуос Хоточчу сиригэр баара. Манна даҕатан этиэхпин баҕарабын, оччолорго, 1951 сыллаахха колхуостары бөдөҥсүтүү буолуор дылы, хаһаайыстыбалар кыра-кыра бытанан олорбуттар.
2020 с ыам ыйын 8 күнүгэр «Саха сирэ» хаһыакка Лыткина Зинаида Игнатьевна аҕатын ахтыытын түмэн «Бэбиэскэни-суха тутааҕын тутан туран» диэн ыстатыйа таһаарбыта. Кини аҕата Иннокентьев Игнатий Павлович 1942 сылтан 1951 сылга диэри «Буденнай» аатынан колхуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан суруйан хаалларбыт ахтыытыттан маннык суруллубут. «1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр 1-Дьөппөҥҥө, оскуола таһыгар кыра колхуостар түмсэн ыһыахтаабыппыт. Ыһыах бүтэ илигинэ, Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытын истибиппит. Ол киэһэ миитин буолбута. Онно баартыйа райкомун бэрэстэбиитэлэ Кирилл Прохоров анал иһитиннэрии оҥорбута. Бары олус долгуйбуппут, аймаммыппыт. Хас да киһи абаран-сатаран туран тыл эппитэ. Егор Никифоров төрөөбүт дойдуну көмүскээн, ньиэмэстэри утары сэриигэ барарга ыҥырбыта. Ол миитин кэнниттэн оройуоҥҥа да, нэһилиэктэргэ да Байыаннай хамыыһыйалар Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр дьону сүүмэрдээн барбыттара. Атырдьах ыйыттан үгүс дьон төрөөбүт дойдуларыттан сэриигэ ыҥырыллан аттаммыттара. Онтон 1943 сыллааҕы хомуурга, бэс ыйыгар аармыйаҕа ыҥырыллан барыахтарын иннинэ, уолаттарбыт сири хорутан, бурдук ыһан барбыттара. Үгүстэр сэриигэ барар бэбиэскэни арыыга суха тутааҕын тутан туран ылбыттара. Сарсыныгар ыраах айаҥҥа туруммуттара». Кини суруйан хаалларбыт, сорох бэлиэтээһиннэрэ латыынныы алпаабытынан суруллубут ахтыытын, оҕолоро кичэллээхтик харайан илдьэ сылдьаллар эбит.
Ити курдук күүстээх үлэ үөһүгэр сылдьан нэһилиэк тирэҕэ буолар эр дьон сэриигэ барбыттара. Төрөөбүт дойдуларыттан ыраах ханна да тэйэ сылдьыбатах дьон эмискэ хааннаах кыргыһыы ортотугар баар буолан, сэриигэ ыҥырыллыбыттартан аҥара төннүбэтэҕэ, сорохторо сураҕа суох сүппүттэрэ. Архыып матырыйаалларыгар «Место захоронения не установлено» диэн суруктаахтар.
Хомойуох иһин сэрии сылларын өйдүүр, сиһилии кэпсиир дьоммут билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар. Онно эбии 1989, 2010 сыллаах улахан урусхаллаах халаан уутун кэннэ, үгүс элбэх ыалга баар өйдөбүнньүк хаартыскалара, суруктара, докумуоннара буорту буолан быраҕыллыбыттара.
«Суруллубут суоруллубат» — диэн өс хоһооно этэринии, Игнатий Павлович Иннокентьев суруйан хаалларбыт бэлиэтээһиннэриттэн «Буденнай колхуостан Армияҕа 25 киһи ыҥырыллан барбыта, 17 киһи-эргиллибэтэҕэ, 8 киһи- тыыннаах эргиллэн кэлбитэ. Нөөрүктээйи Жданов колхуостан армияҕа барбыта-17, онтон эргиллэн кэлбитэ – 9 киһи. Онон барыта 2 колхуостан 42 киһи, онтон төннүбүтэ-17 киһи» -диэн араспаанньаларын, ааттарын суруйбут ахтыытыгар.
Ити ахтыы бэлиэтээһининэн көрдөххө, 42 киһи сэриигэ барбыт эбит буоллаҕына, 25 киһи сэрии толоонуттан эргиллибэтэх. Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх үөрүүтүн үллэстэн, төрөөбүт дойдуларыгар этэҥҥэ 17 буойуттар эргиллибиттэр. Салгыы эйэлээх олоҕу тутуспуттара, үлэҕэ умса түспүттэрэ. Хомойуох иһин, үгүстэрэ төһө да тыыннаах эргиллэн кэлбиттэрин иһин, сэриигэ ылбыт бааһырыыларыттан өр буолбатахтара.
Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө, 2020 сыллаахха «Үтүө аатыгар сүгүрүйэн» диэн сэрии бэтэрээнэ Михаил Иннокентьевич Варламов ахтыыларын түмэн, үйэтитэн, кини кийиитэ, биир дойдулаахпыт, суруйааччы Анна Егоровна Варламова — Айысхаана кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Михаил Иннокентьевич сэрии кэннэ колхуос бэрэссэдээтэлинэн, 1-Дьөппөҥҥө Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан суруммут суруйууларыгар сэриигэ баран сураҕа суох сүппүт, кыргыһыы толоонугар охтубут 14 киһини, эргиллэн кэлбит 12 киһи ааттарын, араспаанньаларын суруммута баар. Бу манна Нөөрүктээйи киирбэккэ туран. Онтон «2-Нөөрүктээйи нэһилиэгэ» (автордар: А.Е. Винокурова, А.Е. Варламова) кинигэгэ сурулларынан 2 Нөөрүктээйиттэн бастакы хомуурга – 4, иккис хомуурга 1942 с- 9 киһи, 1943 с хомуурга- 8 киһи, 1944 с — 1 киһи диэн эмиэ ааттарын-суолларын киллэрэн туран суруллубута баар. Уоттаах сэриигэ сураҕа суох сүппүттэр-5 киһи сурулла сылдьар.
Хаҥалас улууһун электроннай библиотека уонна национальнай библиотека сайтыгар киирэн, биһиги улууспут сэрии кэминээҕи «Советтар Знамялара» уонна «Кыым» хаһыаттар электроннай копияларын сыныйан көрдүм, онно хаһыат суруйууларынан, бэлиэтээһиннэринэн киһи чахчыны эмиэ булуон сөп дии санаатым. Холобура, биир түгэҥҥэ 1942 сыллаахха сэриигэ барбыт диэн «Өйдөбүнньүк» кинигэҕэ дьонун ахтыытынан суруллар буоллаҕына, бу киһи аата хаһыакка 1943 с үчүгэй үлэтинэн сырдатыллар. Сэрииттэн 1945 с эргиллэн кэлбит. Аны ону, баҕар икки инник ааттаах киһи баара буолуо дуу, диэн переписька көрдөххө соҕотох эбит. Аймахтарыттан эмиэ туоһуластым. Онон түгэнинэн туһанан, сэрии кэмигэр тахсыбыт оройуоммут, республика да хаһыаттарын сайтка киирэн көрөн, ааҕан, үөрэтиэххитин сөп диэн сүбэлиибин. Сэрии кэмигэр тахсыбыт хаһыат архыыбынай матырыйаалга тэҥнээх диэххэ наада. Буолаары буолан урукку кытаанах кэмҥэ, халлаантан ылан суруйбаттара чахчы. Оччотооҕу кэм ирдэбилэ да оннук буоллаҕа.
Биир дойдулаахтарбыт туһунан хаһыат матырыйаалларыгар тахсыбыт аҕыйах холобуру кэпсиир буоллахха маннык.
Кыым.- 1943.- От ыйын 25 к. «Ыччат звенота бастаата» диэн бэлиэтээһинтэн маннык.
1 Дьөппөн нэһилиэгинээҕи Буденнай аатынан колхозка 16 оҕоттон ыччат звенота тэриллибитэ. Массыынаннан оҕустарааччы Архип Пестерев күннээҕи нуорматын 150 толорор, диэн. (Суоттаан таһаардахха манна Архип 16 саастаах, 2 сылынан 18 туолаат сэриигэ барар).
Советтар Знамялара.-1942.- Кулун тутар 5 к.
Тирии заводун үлэһиттэрин ыҥырыытын 1-Дьөппөн нэһилиэгинээҕи Буденнай аатынан колхозтаахтара дьүүллэһэн баран Кыһыл Армия 24 сылын аатынан посылка тэрийэргэ 628 солк биэрдилэр. Ордук активнайдык кытыннылар председатель Г.Варламов-20 солк, Макаров-20 солк, Е.И. Варламова- 24 солк, И. Михайлов-20 солк биэрдилэр. Бу үлэтэ салҕанан бара турар.
Манна ахтыллар колхоз председателэ Гаврил Варламов аҕыйах хонугунан сэриигэ тылланан барбыт уонна сэрииттэн төннүбэтэх эбит. Көмүллүбүт сирэ биллибэт диэн. Сэрии кэмигэр салайааччы киһи биир бастакынан тылланан барар эбит.
Кыым.-1943- От ыйын 6 к.
Нөөрүктээйи нэһилиэгэр Жданов аатынан колхозка 52 гаа сирэ охсулунна, 1 гаа сирэ мунньулунна. Мантан 61 центнер үчүгэй хаачыстыбалаах от ылылынна.
Колхозка от охсор массыынаҕа үлэлээччилэр т.т. Матвеев Дмитрий, Егоров Семен бэйэлэрин нуормаларын күн аайы 120-150 бырыһыан толороллор. Илиинэн охсооччулар Гавриил Егоров, Кузьма Матвеев күҥҥэ нуорма быһыытынан 0.5 гаа оннугар 0.6-0.7 гааны охсолллор.
Манна ахтыллар Кузьма Матвеев, Семен Егоров сэрии кыттыылаахтара. Бары да бу кэмҥэ саастарынан күүстээх үлэни кыайар, сатабыллаах эдэр уолаттар.
Баччаларга төрөөбүт сылынан тэҥнээн көрдөххө, Семен Егоров бу кэмҥэ 17 саастаах, сэриигэ 1944 с 18 сааһын туолаат ыҥырыллыбыта, диэн ахтар кэргэнэ үлэ-тыыл бэтэрээнэ 90 саастаах Маркова Евдокия Ивановна.
Манна илииннэн охсооччу диэн сэриигэ сураҕа суох сүппүт Гавриил Егоров эбитэ дуу диэн, ыҥырыллыбыт сылын тэҥнээн көрдүм, онно кини 1942 с барбыт эбит. Аны туран, Егоров Гаврил Романович диэн ааттаах ити кэмҥэ икки киһи баар эбит. Былыр ааты хатылаан ааттааһын элбэх этэ.
Ити курдук хасыһан бардахха, сыныйан истэҕин аайы киһини толкуйдатар, чинчийэр интэриэһи үөскэтэр хара баһаам үлэ буолар.
10 ыалтан ини-бии бииргэ төрөөбүт уолаттар сэриигэ барбыттар эбит. Бырааттыы Гаврил, Егор Варламовтар, Михаил, Василий Варламовтар, үс бииргэ төрөөбүт Петр, Илья, Тит Егоровтар, Степан, Николай Киприяновтар, Алексей, Александр Леонтьевтар, Дмитрий, Конон Леонтьевтар, Петр, Павел Матвеевтар, Николай, Кузьма Матвеевтар, Афанасий, Архип Пестеревтар, Василий, Федот Пестеревтар.
Аҕа уолунаан сэриигэ барыылара эмиэ баар эбит. Ол курдук, Василий Федотович, Николай Варламовтар, Петр Иванович Егоров уолунаан Аркадийдыын сэриигэ кыттыылаахтара.
Уоттаах сэриигэ хорсун быһыыларын иһин наҕараадаламмыттары ааттыахпын баҕарабын. «Кыһыл Сулус» уордьаннаах Егор Егорович Кардашевскай Хоточчуга төрөөбүтэ, үстээҕэр ийэтэ, уоннааҕар аҕата өлөннөр, оҕо саас диэни билбэккэ улааппыта. Ол да буоллар, оскуолаҕа үөрэнэн, педтехникумҥа үөрэнэ киирбитэ. Сайын дойдутугар тахсан оттоһоро-мастаһара, кыһынын үөрэнэрэ. Ол кэмҥэ икки сыл саха национальнай байыаннай оскуолатын байыастарын ааҕарга-суруйарга үөрэтиспитэ, диэн ахтыллар. Егор Егорович Кардашевскай наҕараадалара: «Хорсунун иһин» мэтээл (07.04.1945), «Кыһыл сулус» уордьан (16.05.1945), «Венаны босхолооһун иһин» (09.06.1945), «Германияны кыайыы иһин» (09.06.1945), «Аҕа дойду сэриитин 2 степеннээх» уордьан (1985с).
1944 с кулун тутар 16 күнүгэр сэрии толоонугар охтубут Тит Иванович Егоров «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн (11.07.1943), Семен Степанович Черноградскай «Кыһыл сулус» уордьанынан, Илья Васильевич Макаров «Албан Аат» 3 степеннээх уордьанынан (06.11.1947), Егор Федорович Рыжих сэрииттэн эргиллибэтэх «Хорсунун иһин» мэтээл (29.05.1944), «Албан Аат» 3 степеннээх уордьанынан наҕараадаламмыт (29.05.1944). Чугас дьоно кини инник наҕараадалардааҕын эрдэ билбэт этилэр, сиэннэрэ аҕыйах сыллааҕыта уордьаннааҕын сайтка киирэн булбуттара. Былырыын, Кыайыы 75 сылын көрсө, мэтээллээҕин сайтан аны мин буламмын, төрөппүт кыыһын уонна сиэннэрин үөрдэн турабын. Эрдэ тоҕо көстүбэтэҕий, диэн ыйытыы үөскүүр. Үксүгэр сэрии кэминээҕи докумуоннарга араспаанньалара сыыһа суруллубут буолан көрдүүргэ уустуктары үөскэтэр. Рыжих диэн араспаанньаны Рыжий диэн суруллубут, Варламов диэни Варлаамов, Пестерев диэн араспаанньаны Бестерев диэн суруллубут. Карточкаларыгар төрөөбүт сирдэрэ суруллар, онно биһиги нэһилиэкпит сурулларынан сиэттэрэн булуохха сөп.
Төһөнөн элбэҕи хасыһан, билэн бардаҕын аайы төрөөбүт сыллара, сэриигэ да барыы сыллара чопчу маннык диэн күн бүгүҥҥэ дылы бутууру үөскэтэр курдук. Оччотооҕу кэмҥэ төрөөбүт сылларын туоһулуур миэтирикэлэрэ сүтэн игиннээн да буолуо, дьонун ахтыыларытттан көрдөххө уонна архыыпка баар переписьтан да ылан көрдөххө төрөөбүт сылларыгар араастаһыы баарын бэлиэтии көрдүм.
Ону өссө да чинчийиэххэ ырытыахха үөрэтиэххэ наада эбит диэн санаа үөскүүр.
Сэбиэскэй Сойууһу түгэҕэр дылы ытыйбыт Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии, биһиги кыра нэһилиэкпит дьонун олохторун укулаатын тосту уларытан, күн-түүн «Кыайыы туһугар» диэн лозуннанан, киһи үйэтин кылгатар, уйулҕатын хамсатар кытаанах үлэҕэ-хамнаска дьон-сэргэ, оҕолуун-кырдьаҕастыын умса-төннө түспүттэрэ. Үлэ фронун туһунан кэпсиир, ол эмиэ бэйэтэ туспа, киэҥ ис хоһоонноох тема буолар.
Уоттаах сэрии кыттыылаахтарын, биир дойдулаахтарбыт үрдүк ааттарын үйэтитэргэ, биһиги, кэнчээри ыччат дьон -ытык иэспит буолар. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ, куйаар ситимин нөҥүө, дьиэҕэ да олорон, киһи элбэҕи булуон, үөрэтиэн, үйэтитиэн сөп. Онон аймах-билэ дьоҥҥутун ирдэһиҥ диэхпин баҕарабын.
Бу матырыйаалы бэлэмниирбэр, түгэнинэн туһанан махталбын тиэрдэбин, дириҥ ис хоһоонноох, үгүс үлэнэн тахсар — кинигэлэр автордарыгар Скрябина Капиталина Гаврильевнаҕа, Варламова Анна Егоровна-Айысхаанаҕа, Винокурова Александра Егоровнаҕа уонна аҕаларын ахтыыларын сыа-сым курдук тутан харайа сылдьар Иннокентьевтар аймахха! Эһиги бэлиэтээһиннэргит, сурукка тиспиккит история быыһын сэгэтэллэр.
Түмүллүбүт матырыйааллар нэһилиэкпит устуоруйатын кэрчик кэпсээнэ буолан, суостаах-суодаллаах кэми түөстэринэн тэлбит, кытаанах санаалаах дьоммут-биир дойдулаахтарбыт ааттара ааттана, сурахтара сураҕыра турдун!

Сурукка тистэ Хоточчу олохтоох библиотекатын үлэһитэ Лира Яндреева
05.05. 2021