Кыайыыны уһансыбыт Тумул дьоно.

Улуу кыайыы 75 сылыгар ананар.

          1941-1945 А5а дойдуну көмүскүүр сэриигэ Хаҥалас улууһун Тумул уонна Батамаайы дэриэбинэлэриттэн  109  киьи кыттыбыта.    56  саллаат сырдык тыыннара сэрии толоонугар быстыбыта.   53   киһи кыайыы көтөллөөх дойдуларыгар төннүбүттэрэ.

           Тумул уонна Батамаайы сиригэр холбоон 200 тахса киьи тыылга  үлэлээбиттэрэ.

           Тыылга хаалбыт дьон «Барыта фронт туһугар» диэн ыҥырыынан бэйэлэрин умнан туран үлэ үөһүгэр сылдьыбыттара, аччыктааьыны-хоргуйууну тулуйан, баардарын-суохтарын Ийэ дойдуну көмүскүүр ба5аттан толук биэрэн, син биир кыайыахтаахпыт диэн эрэллээх санаалаах олорбуттара, үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара. Ол курдук тыыл үлэһиттэрэ хамнастарын суотугар государственнай заем облигациятын ылаллара. 1942 сыллаахха «Молотов»  аатынан колхоз колхозтаахтара кыайыы фондатыгар 400 солк харчынан, 1943  сыллаахха 680 солк. харчынан, 1420 солкуобайдаах государственнай заем облигациятын оборона фондатыгар уганнар   Саха сирин аатыттан «Советская Якутия» диэн танковай колонна5а кыттан сэмэй кылааттарын киллэрбиттэрэ.

           Дьахталлар фроҥҥа сылдьар байыастарга анаан ичигэс үтүлүктэри, бэргэһэлэри, кээнчэлэри, сэлиэччиктэри тигэн ыыталлара. Тумул кырдьа5ас олохтоо5о Дмитриев Василий Афанасьевич-Баача о5онньор тус бэйэтигэр дэлээнэ анатан, со5ото5ун бурдук ыһан, үрдүк үүнүүнү ылан, кыайыы фондатыгар анаабытын республика, оройуон хаһыаттара холобур оҥорон суруйбуттара. Бу кэмнэргэ нолуок диэн эбээһинэс түһэрэллэрэ. Дьон ону хайдах кыайарынан төлүүрэ, ол иһин ыаллар ууруна сылдьар күндү малларын, таҥастарын, онноо5ор сүөһүлэрин да биэрэн туран ол байыаннай нолуогу төлүүллэрэ. Кыайан төлөөбөттөр буруйга-сэмэ5э тардыллаллара.

           Сэрии содулун ыар сугэһэрин билбит дьон кэпсээбиттэринэн, колхозтарга туһэриллэр былааннарын толороору дьон икки хараҥаны ыпсара сарсыарда эрдэттэн киэьэ хойукка диэри үлэлэлииллэрэ. Хонуу ханнык да үлэтигэр, бурдук үүннэриитигэр, оҕуруот үлэтигэр саас сири атынан, оҕуһунан булуугунан  тиэрдэрэн, таҥастаан, бурдук ыһан үлэлииллэрэ о5олор, дьахталлар. Күһүн колхоз киэн бааһынатыгар илиинэн бурдук баайан хомуйаллара, онтукаларын куһун, кыһын ыраастаан, астаан государствоҕа туттараллара. Бэл кутуйах хасааһын кытта ирдииллэрэ, бааьына5а куолас тобоҕун хомуйтараллара. Бурдук куолаһын булан сиэбит киьи кытаанах миэрэ5э, хаайылларга тиийэ буруйданара уонна бурдугу уорбукка  тэннэһэрэ. Аны ити сылларга уот кураан туран, аһыҥа уот ааннаабыта. Ону утары охсуһуу ньыматынан анал ханаабалары  хаһаллара уонна оҕолуун-улаханныын аһыҥаны үүрэн ханаабаҕа туһэрэллэрэ уонна ол ханаабаҕа мунньуллан сытар аһыҥалары уоттуууллара. Кыһынын бааһыналарга эмиэ илии-хары күүһүнэн хаар типтэрэллэрэ, ноһуом тиэйэллэрэ. Булка, балыкка диэн государство былаана туһэрэ, ону о5онньоттор, о5олор толороллоро.  Тыыл бэтэрээнэ Родионова Анисия Герасимовна кэпсииринэн, обургу о5олор куьун өрүс кыдьымахтыар диэри атах сыгынньах сылдьан, оҕонньоттор салайааччылаах сылдьан буочуканан тууһаан туттараллара үһү. Ол курдук, тутуу, оттук да маһы бэлэмнээһиҥҥэ эмиэ былаан кэлэн дьахталлар ойуурга мас бэлэмнииргэ эр дьон курдук сылдьаллар эбит. Тыыл бэтэрээнэ Соловьева Ольга Саввична кэпсээбитинэн, сайын от үлэтигэр уонна өрүс уҥуор тахсан улэлээн, самоход тохтуур сиригэр саһаан маһы бэлэмнииллэр эбит. Күһүнүн бурдук баайыытыгар, молотилкатыгар сылдьан, кыһынын борооску  көрөн, сааһын ыһыыга сир хорутарга, бурдук ыһарга үлэлээбиттэр. Үлэ, тыыл бэтэрээнэ  Соловьева Евдокия Николаевна ахтыыта:» Фронтан бааһыран төннүбүт буойуннары көрсөрбүт. Өскөтүн кыһын буоллаҕына, сэлиэнньэттэн бырытыттан истээх сон, этэрбэс, үтүлүк хомуйа охсон Өлүөхумэ5э дойдуларыгар барааччылары Батамаайыга диэри тиэрдэн биэрэрбит». Тыыл бэтэрээнэ Прокопьев Максим Николаевич ахтыыта: «Миэлиҥсэ5э атынан улахан суоруна таастары эргитэн, бүтүн нэһилиэк ыалларын бурдугун мэлиттэрэрбит. Колхозка государствоттан балыгы бултаан туттарарга сорудах кэлэрэ. Өрүс балыга аҕыйах буолара, үксэ собо.Сайыны, күһүнү быһа атах сыгынньах сылдьан балыкка муҥхалыырбыт. Балыкпытын тиэйэн илдьэ бараллара».Тыыл ветерана  Строева Мария Гаврильевна  кэпсээбитин уола Припузов Юрий Георгиевич суруйбут: «В годы войны в колхозе «Заря» остались одни старики, дети и женщины. Пахали, сеяли на быках и лошадях. Председателем колхоза был Строев Федор Андреевич. В 1943-1945 годы бабушка Строева Улита Иннокентьевна была назначена заведующей молочно-товарной фермы. Был в Батамае свой пастух, звали «Олеся огонер», якут по национальности. В поселке также была своя повивальная бабка – звали ее «бабка Саня», из местных батамайских. Мария Гаврильевна работала с 1941-1949 год на лесозаготовках. Инструментом были двуручные пилы, топоры. С крутого берега Лены «пацаны» сбрасывали бревна в плоты. Старики вязали плоты. А девушки, дети подтаскивали по воде бревна для плотов. Зимой пилили деревья в лесу, заготавливали дрова».

    Раиса Викторовна Строева а5атын Максимов Виктор Павлович туьунан ахтар:  «А5ам 1924 сыллаахха сэниэ ыалга төрөөбүт. Кини аҕата Байбал “аҕыс кырыылаах”,  күүстээх киһи этэ диэн кэпсииллэрэ дьон. Аҕабыт алта сааһыгар диэри саҥарар эбит, онтон улаханнык ыалдьан саҥарбат буолбут. Ол да буоллар, оҕолору кытта оскуолаҕа киирэн үөрэнээри олорор эбитэ үһү. Барахсан үөрэниэн баҕарара оччо буоллаҕа. А5абыт кыах ыал о5ото буолан дьоно  уолларын олоҕун салҕаары ийэбитин,  атыылаһан ылбыттар. Биир чиэппэр чэй, хас эрэ муунта бурдук, ырбаахы таҥаһа диэн ийэбит кэпсиир этэ.Ол саҕана ас, таҥас олох суох уһу. Былыр өйдөөх дьон оннук дьаһаналлар эбит. Аҕыс кырыы уолун ыал оҥорбута махталлаах дьыала. Билигин кини аатын ааттатар ыччаттара элбэхтэр. Бииктэр Павлович сэрии кэмигэр колхозка араас ыарахан үлэҕэ улэлээбит:  куонньуктаабыт, тыаҕа мас кэрдиитигэр, бурдук ыһыытыгар, от хомууругар. Ийэбит Татьяна Ильинична үйэтин тухары ыанньыксыттаабыта”.

               Саха АССР үтүөлээх артыыьа, сэрии кэмин о5ото Емельянов Степан Иннокентьевич «Билинэбин, ити мин этим» диэн кинигэтигэр суруйар: «Сэрии бүтэн, кыайыы буолбутун туһунан сурах мин олорор Батамаайым дьаамыгар хаьан иһиллибитин, бачча5а этэ диэн чопчу өйдөөбөппүн. Ол эрээри кыайыы буолбут диэн онно анаан Сопполууна (Афанасий Строев) дьиэтигэр малааһын буолбутун бэркэ өйдуубун. Оччолорго дьаам ыалыгар арыгы диэн ас кэмчи эбитэ буолуо, дьаам ыаллара бары быраага буһарар идэлээхтэрэ. Ол быраага киһини балачча улаханнык итирдэр ас буолар этэ. Батамайы дьаамыгар кыайыы күнүн бэлиэтээһин малааһына олус сырдык, ча5ылхай, олох сайыҥҥы күн курдук өйдүүбүн. Ол дьыл сайыныгар саллаат таҥастаах, түөстэригэр элбэх мэтээллээх хас да киһи (үксүн бааһынай дьоно) сэрииттэн тыыннаах кэлбиттэрэ. Бааһынайдар  — сахатыйбыт нуучча дьоно, сэрииттэн кэлбит биир дойдулаахтарын малааһыннаан, үөрэн-көтөн көрсөр этилэр. Биьиги, оҕолор, ол сэрииттэн кэлбит саллаат дьиэтигэр мустар буоларбыт. Дьаамнар дьиэлэрин өрүс диэки туннуктэрэ сайынны нуьаран киэьээ аьа5ас буолара, о5о аймах дьиэ иьигэр киирбэккэ ол аьа5ас түннүктэргэ быардыйалыы сытан сэрииттэн кэлбит саллааты көрөрбүт. Дьиэ улахан хоһугар саллаат таҥастаах, түөһүгэр элбэх мэтээллээх кып-кыһыл нуучча киьитэ сэриигэ сылдьыбытын сахалыы, онон-манан нуучча тылын кыбыта-кыбыта, кэпсиир быьыылаа5а. Саллаат кэпсээнньити тула олорон, эмиэ үрүн бытыктаах нуучча оҕонньотторо «бу халераны кор эрэ» дии-дии эмиэ нууччалыы-сахалыы буккуйан сэҥээрэ олороллоро билигин бу баар курдук. Дьэ итинник Батамаайы дьаамыгар олохтоох саха уонна дьаам дьонугар кыайыы кэлбитэ, уһун хаан тохтуулаах, хоргуйуулаах сэрии бүттэ диэн буолбута».

           Сэрии ыар сылларыгар 4-с Малдьа5ар нэһилиэгин сэбиэтин председателинэн Христофорова Мария Ивановна, колхоз председателинэн Охлопков Петр Сергеевич., ферма сэбиэдиссэйинэн Соловьева Елизавета Тарасовна., хонуу биригэдьииринэн Максимов Михаил Романович уонна Герасимов Егор Дмитриевич үлэлээбиттэрэ. Бу дьон нэьилиэккэ бурдук сирин кыччаппатахтара, сүөһү ахсаанын аҕыйаппатахтара. Ол түмүгэр дьон хоргуйбата5а, сүөһү сутаабата5а.

          Мария Ивановна нэһилиэнньэни түмэ тардан Кыьыл Армия5а, Ийэ дойдуга улахан көмөнү оҥорбута. Тумуллар итиини, тымныыны аахсыбакка кыайыы туһугар бары кыаллары барытын оҥорбуттара. Коммунист Мария Ивановна салалтатынан колхозтаахтар от оттуууллара, бурдук үүннэрэллэрэ, заемҥа суруталлара, сэриигэ сылдьар буойуннарга ичигэс таҥас тигэллэрэ. Сэрии сылларыгар колхоз бастыҥ үлэтинэн аатырбыта. Бэл ол сылларга тутуу ыытыллыбыта. Саҥа дьиэлэр, электростанция, кулууп, маҕаһыын тутуллубуттара.

           Сэрии буолуон иннинэ  Тумулга  8 ыал: Гордейколар, Горнаковтар, Голуб, Грибинюк, Коротко, Шадан, Сергиенко, Новгородцевтар дьиэ кэргэттэрэ Украинскай ССР, Полтавскай уобаластан  переселенецтэр көһөн кэлбиттэрэ. Кинилэр икки ыйы быьа айаннаан кэлбиттэр уонна икки күн сынньанаат колхозка үлэлээбитинэн барбыттар.  Дьахталлар хортуоппуй, хаппыыста, оҕуруот аһын олордууга үлэлээбиттэр. Бу үүнээйилэри хото үүннэрэн олохтоохтор аччыктааһынтан быыһаммыттар эбит. Эр дьон ыарахан үлэлэргэ үлэлээн күннээ5и нуормаларын 115%-121% толортообуттар. Үлэ тэтимин түргэтэтэр бары ньымалары олохтообуттар, колхоз үлэтэ  боҕоргүүрүн иһин ис сүрэхтэриттэн  баҕаран туран үлэлээбиттэр.  Мантан колхоз үлэтин оҥорон таһаарыыта биллэрдик тупсан барбыт. Бастыҥ  көрдөрүүлэри ситиспит переселенец колхозтаахтар Новгородцев Сергей Михайлович – правление председателин солбуйааччытынан, Грибинюк —  ревкомиссия председателинэн уонна М.Голуб хонуу биригээдэтин биригэдьииринэн 1941 сыллаахха быыбарданан үлэлээбиттэр.

               Ааллаах Үүн диэн сиргэ көмүс хостуур бириискэ5э Саха сирин оройуоннара бары бириискэ үлэһиттэрин аһынан-танаһынан, тутуу маһынан хааччыйар эбээһинэстэммитэрэ. Бары колхозтарга былаан туһэрэллэрэ.  Таһаҕас тиэрдиитэ барыта ат көлөнөн этэ. Ону кыһынны айан суолунан тириэрдэллэрэ. Кыһыҥҥы бытархан тымныыга, тибиилэргэ, араас хайалары дабайыы, туһүү, халыҥ сис тыалары, тарыҥнаах үрэхтэри туоруур айан суола – бу баар этэ алдьархайдаах айан суола – диэн ахталлар этэ сэрии сылларыгар Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас тиэйиитигэр сылдьыбыт дьоммут. Манна кытаанах тулуурдаах дьон, чахчы да эр бэртэрэ сылдьаллара. Сэриигэ барбыт эр дьону солбуйан 17-18 саастаах уолаттары, дьахталлары саастаах дьону кытта ыытар буолбуттара. Ааллаах Үүн ол эрэйдээх айанын туһунан Кононов Дмитрий Павлович о5олорун ахтыыта: Түөрт кыһын Охотскай перевозтан Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыта. Тумултан ити государственнай суолталаах таһаҕас таһыытыгар 14 киһиэхэ тиийэ, биирдии бэйэлэрэ түөртүү сыар5а аттаах бараллара. Ити уьун сындал5аннаах айаҥҥа алтата сылдьан, эрэйи эҥэринэн тэлэн, муҥу муннунан тыыран, киһи быһыытынан ситэр-хотор. А5а дойду сэриитин бастакы сылларыгар, армия5а ынырыллартан тохтотуллан эрэр суруктаах(бронялаах) буолан, икки сыл кэриҥэ мас үлэтигэр сылдьар. Армия5а 1943 сыллаахха ыҥырыллан хаһан да көрбөтөх сэбигэр борохуокка олорон, Өлүөнэни  өрө өксөйөн  тиийэн, Монголия5а 80-с полка5а бастакы пулеметнай батальонна сулууспалыыр. 1947 сыллаахха төрөөбөт дойдутугар эргиллэн кэлээт да эмиэ Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьар.

                    Михаил Романович Максимов (Мэхээс оҕонньор) ахтыытыттан: “Сэрии иннинээҕи сылларга колхоһум председателэ Охлопков Петр Сергеевич ыҥыран ылан үс аты биэрэн, Ааллаах Үүҥҥэ барарга сорудахтаабыта. Миигин кытары Максимов Петр Егорович уонна Свинобоев Гаврил Степанович эмиэ үстүү сыарҕа аттаах барар буолбуттара. Оройуон кииниттэн, Покровскайтан, сэтинньи ый маҥнайгытыгар аттаммыппыт. Биһиги Алдан өрүскэ тоҥон турар баржаттан уонна Охотскай бэрэбиэстэн ынах этин тиэйэн барбыппыт, онтубутун Ааллаахха тиэрдэн, сүөкэнэн бараммыт өссө үстэ кырыммыппыт. Бу кэлбит аьы көмүс сууйар сиргэ өссө икки күн айаннаан Дьэкэмдэ бириискэтигэр туттарарбыт. Наьаа уустук, ыарахан, бэрт кыһалҕалаах үлэ этэ.Бастатан туран, суол-иис куһаҕана, онтон төрүөттээн, сыарҕа ылаҕа, атаҕа тосторо. Ат олгуобуйата тулуйбакка хампы ыстанара. Итиннэ эбиитин өрүс тааннаан, онно түһэн чомполонуу эмиэ баара. Аны, кыһыннары тоҥмот хайа үрүччэлэрэсуолбутугар саккыраччы тохтоллоро. Биһиһи кырдьыга да, кыанар, тэтимнээх дьон буоламмыт, ыалдьыбакка-сүппэккэ итини барытын тулуйбуппут”.

 Сэрии сылларыгар Тумултан Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыт дьон:

  1. Архипов Петр Герасимович
  2. Гаврильев Михаил Дмитриевич – бригадир
  3. Герасимов Егор Дмитриевич
  4. Дмитриева Анастасия Дмитриевна
  5. Кононов Дмитрий Павлович
  6. Максимов Михаил Дмитриевич
  7. Максимов Павел Николаевич
  8. Охлопков Петр Сергеевич
  9. Прокопьев Николай Егорович
  10. Родионов Степан Алексеевич
  11. Соловьев Гаврил Николаевич
  12. Свинобоев Николай Степанович
  13. Христофоров Иван Николаевич
  14. Христофоров Гаврил Иванович
  15. Христофоров Иван Николаевич

1941-1945 сэрии сылларыгар 4 Малдьа5ар «Молотов уонна «Заря» колхоз колхозтаахтара

хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар күүс-көмө, тирэх-өйөбүл буоланнар барыта фронт туһатыгар уопсай көмөҕө кыттыһан   кыайыыны уһансан аҕалбыттара. Кинилэр сыралаах улэлэрин уонна сэрии кэнниттэн оло5у чөлүгэр туһэрэргэ үлэлээбит Тумул дьонун, олор истэригэр оҕо саастаахтары үрдукү былаас бэлиэтээн  на5араадалаабыта. Ол курдук, архыып докумуона көрдөрөрүнэн  «За доблестный труд в Великой Отечественной войне» мэдээлинэн 1947 сыллаахха на5араадаламмыттара 113 киьи. 1992-1998 сылларга маннык мэдээлинэн на5араадаламмыттара 34 киьи.

            “Советтар Знамялара” хаьыат 1941-1942 сыллардаа5ы страницаларын сэгэтэн көрөбүт:

                                         “Колхоз кыайыылаах үлэлһиттэрэ”

              4-с Малдьа5ар Молотов аатынан колхозка үгүс колхозтаах дьахталлар  эр дьоннордоо5ор ордук кыайыылаахтык үлэлииллэр.  Дария Романова 1940 сылга 293,5 үлэ күнүн аахсан, дохуотугар 2,7 цт бурдугу, 19,5 цт оту ахсан ылла. Бу курдук Дария Максимова 248, Марфа Охлопкова 213 улэ күнүн аа5ыстылар. Кинилэр колхоз производствотын бастаан иһээччилэринэн буолаллар. Сааскы ыһыы бэлэмигэр А.Дмитриева дьоһуннаах улэни ыытта. Буола5а ноһуом тиэйиитигэр быыстала суох үлэлээн, күннээҕи нуорматын 112-117% толортоото.

                                                                              П.Гаврильев, “Советтар знамялара”, 1941 к.т.8 к.

                                         “Өрө көтөҕүллүүлээхтик”   4-с Малдьа5ар.

             “ Молотов»  аатынан колхоз колхозтаахтара харчы-мал иккис  лотереятын   билиэтин атыылаһыыга активнайдык кытыннылар. Барыта 2720 солк суруттарылынна. Уһулуччу үчүгэй кыттыыны ыллылар: А.Игнатьева – 80 солк., Д.Спиридонова – 60 солк. уо.д.а.

                                                                                      А.Иванов, “Советтар знамялара”, 1942 с.

                                                       “Үчүгэй саҕалааһын”

           4-с Малдьаҕар нэһилиэгин Молотов аатынан колхоз красноармеецтар оҕолоругар уонна кыаммат, тулаайах оҕолорго условияны тэрийэн 11 оҕолоох интернаты аста. Интернат көрөөччүтүнэн  А.Дмитриева үлэлиир.

                                                                                      Н.Родионов, “Советтар знамялара”, 1942 с.

                                               И.В.Сталин махтал телеграммата

            Телеграмма Верховного Главнокомандующего секретарю Якутского обкома ВКП(б)

            Степаненко и председателю Совнаркома Якутской АССР Муратову с выражением

            благодарности Красной Армии трудящимся республики за помощь фронту

23 января 1943 г.

            Передайте трудящимся Якутской Автономной Советской Социалистической республики, собравшим кроме внесенных ранее в фонд обороны Союза ССР 32 миллионов 151 тысячи руб., 43 миллонов 334 тысяч рублей облигациями, золота и серебра, дополнительно 5 миллионов 6 тысяч рублей на строительство танковой колонны «Советская Якутия», мой братский привет и благодарность Красной Армии.

            Аҕыйах кэминэн Улуу Кыайыы олохтоммута 75 сылын көрсөбүт. Улуу Кыайыыны аҕалсыбыт саллааттар, тыыл кыһалҕалаах олоҕун олорбуттар кэм кэрдии ааһан бу үөрүүлээх күҥҥэ үгүстэрэ кыайан тиийбэтилэр. Төһө да олох долгуннара устан аасталлар , аҕа көлүөнэлэр иннилэригэр биһиги сүдү иэспитин хаһан да умнубаппыт.Сүгүрүйэн кэриэстибит сэрии толоонугар олохторун биэрбиттэри. Махатанабыт өстөөҕү сууһаран кыайан-хотон эргиллибиттэргэ. Махтанабыт хотуулаах үлэлэринэн кыайыыны уһансыбыттарга. Улуу Кыайыыны уһансыбыттар тустарынан сырдык өйдөбүллэр үйэлэр тухары умнуллуохтара суо5а.

             Хаҥалас улууһун  Тумул нэьилиэгин библиотекатын библиотекара К.Н. Родионова