«Торут сирбит Дьэкэмдэ» кинигэ кун сирин кордо.
- 15/09/2021
- 80
- нет
Дьэкэмдэм миигиттэн ырааххын
Ол эрэн сурэхпэр чугаскын
Куруутун харахпар косто5ун,
Куруутун аттыбар эн бааргын.
Дьэкэмдэ Ханалас улууьун со5уруутугар, Олуонэ орус илин биэрэгэр турар со5отох дэриэбинэ этэ. Манна биэс-алта а5а ууьа туолбэлээн олорбут сирдэрэ. Кэрэ айыл5ата куруутун олгомнук уунэр сис астаах, хара тыата баай Буотама тардыы урэхтэрэ буолан мэлдьи бултаах-алтаах. XIX 60-с сылларыгар “бодонсуйуу” политикатын са5ана эстибитэ. Олохтоохтору Кытыл-Дьура5а коьорбуттэрэ.
Ханнык ба5арар киьиэхэ о5о сааьа саамай сырдык, ча5ылхай ойдобуллээх буолар. Марковтар, Владимировтар, Иларовтар, Сусоевтар, Терентьевтар, Севостьяновтар, Мордовскойдар киэн аймах толколоро тустэммит, о5о саастара ааспыт сирдэрэ Дьэкэмдэ буолар.
Бала5ан ыйын 11 кунугэр Эркээни хочотун туонатыгар, Орто дойду Ытык сиригэр улэ бэтэрээнэ, финансовай служба туйгуна, казначейство5а утуотун иьин мэтээл хаьаайына Владимирова Антонида Даниловна Марковтар сыдьааннарын туьунан хомуйан таьааттарбыт сана буруолуу сылдьар «Торут сирбит Дьэкэмдэ» кинигэтин сурэхтэниитэ буолан ааста.
Антонида Даниловна аймахтарыттан хомуйбут матырыйаалларын, ахтыыларын, кинилэри кытта бииргэ алтыспыт тугэннэрин сурукка туьэрэн, тумэн, «Торут сирим Дьэкэмдэ» диэн олус интэриэьинэй, баай ис хоьоонноох, оло5у кэпсиир хаартыскалардаах бэртээхэй кинигэни хомуйан таьааттарда. Бэйэтин историятын билбэт киьи кэрэгэй дьыл5алаах буолар диэн бэргэн этии баар. Бу кинигэ Марковтар киэн удьуордарын, олорон ааспыт утуо дьонун билиигэ, кэлэр кэнчээри ыччаттар аймахтарын кытта билсэллэригэр, торуччу онорорго олус наадалаах.
Кытай омук саарына Конфуций этэринэн, уунэр ыччат туох ханнык иннинэ бэйэ тордун, дьонун-сэргэтин убаастыыр, кини дьарыгын утумнаан уорэтэр, тордун-ууьун билэр буолуохтаах, оччо5о эрэ кини сайдар-уунэр кэскиллээх, инникилээх. «Торут сирим Дьэкэмдэ» кинигэ ыччаттарга, кэлэр колуонэ5э аналлаа5а саарба5а суох. Бу кинигэ нонуо бастын улэьит, угус ситиьиилэрдээх аймахтар ааттарын уйэтитии буолар. Кинигэттэн Дьэкэмдэ диэн дэриэбинэ баар буола сылдьыбытын, историятын, оччотоо5у кэмнэ олорон-улэлээн ааспыт дьоннорун туьунан элбэ5и билэ5ин.
«Бэ5эьээнни кун баар буолан, бугунну кун уоскээбитэ чахчы. Бугунну кун баар буолан, сарсынны кун уунуо5э. Бу иьин ус кэми: ааспыты, билиннини, кэлэри – хайа да киьи хаьан да араарбакка биир ситимнээ5ин ойдуохтээх» диэн саха народнай суруйааччыта Суорун Омоллоон эппит этиитинэн кинигэ сурэхтэниитэ са5аламмыта.
Аал уоту «Гражданскай килбиэн» знак хаьаайына, 5-с Малдьа5ар уонна Ханалас улууьун бочуоттаах олохтоо5о, муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ Иван Данилович Владимиров ал5аата. Кинигэ сурэхтэниитигэр аймах дьон мустан Антонида Даниловна5а элбэх махтал тыл эттилэр, о5о саастара ааспыт Дьэкэмдэлэрин санаан-ахтан аастылар, кэнчээри ыччаттарыгар торообут-уоскээбит дойдуларын, торуччулэрин, аймахтарын билиьиннэрдилэр. Кинигэ сурэхтэниитин кэннэ минньигэс астаах остуол тула ирэ-хоро кэпсэтии, уопсай хаартыска5а туьуу буолла.
«Торут сирбит Дьэкэмдэ» кинигэ аа5ааччы киэн аранатыгар ананар. Кинигэни национальнай библиотека5а, улуустаа5ы библиотека5а уонна Кытыл-Дьура олохтоох библиотекатыгар бэлэх ууналлар.
Улахан Аан олохтоох библиотекатын библиотекаря Альбина Трифонова