Саха сирин уонна Россия биллиллээх политическай деятелигэр, Михаил Ефимович Николаев төрөөбүтэ 85 сааһыгар анаан, 2-Дьөппөн модельнай библиотекатыгар, алын кылаас үөрэннээчилэригэр «Михаил Ефимович Николаев — Саха Республикатын бастакы президенэ» уруок ыытылынна.

Михаил Ефимович республика олохтоохторун иннигэр үтүөтэ элбэх. Республикабыт экономиката сайдыытыгар, саха норуотун уонна Саха сирин бары олохтоохторо төрүт культуралара, тыллара- өстөрө, олохторо-дьаһахтара тупсарыгар, сайдарыгар норуот үөрэҕириитэ, доруобуйа харыстабыла, наука сайдарыгар олоҕун, үлэтин анаабыта, аныыр даҕаны. Эдэр көлүөнэ эрэллээх, кэскиллээх буолуон баҕарар, ол туһугар туох баар күүһүн-уоҕун, өйүн-санаатын уурар.
Уруокка оҕолор Аан Дархаммыт саха норуотун иннигэр үтүө өҥөтүн туһунан кинигэлэртэн, презентация матырыйаалыттан билистибит, уруок бүтүүтэ викторинаҕа эппиэттээн билиилэрин чиҥэттилэр.