Бастакынан саха корооччутун мировой классика пьесатын кытта билиьиннэрбит режиссер

Бастакы идэтийбит режиссер, РСФСР норуодунай артыыһа, Саха АССР искусствотын үтүөлээх артыыһа, Ленин орден кавалера  Спиридон Алексеевич Григорьев   ахсынньы 24 күнүгэр төрөөбүтэ 110 сылын туолар.

Спиридон Григорьев 2 Малдьа5ар нэьилиэгэр 1910 сыллаахха ахсынньы 24 кунугэр кун сирин корбутэ. Кини кыра эрдэ5иттэн   уорэнэр ба5ата улахан буолан 1924 сыллаахха Туман Иванов диэн ревкомовец сыар5атын кэннигэр хатаастан Улахан Аантан куоракка киирбит. Реввкомовеьа 9 биэрэстэ курдугу айаннаат биирдэ кэннин хайыьан уолу корон соьуйбут. Ибигириэр диэри тонмут о5ону аьынан тулуубугар суулаабыт. Туох да докумуона суох уолу куоракка а5алан кыьыл армеецтар о5олорун корор «Коммунист» детдомна хаалларбыт. Биир да тылы нууччалыы билбэт, уорэх диэни онойон корботох, торбуйах ыстааннах, эргэ ырбаахылаах уол ити курдук детдомна кэлбит. Дьэ, ити курдук бэйэтин дьулуурунан киртэн-хахтан арахсан детдом иитиллээччитэ буолан уорэнэн киирэн барар. Уорэ5эр олус кыьамньылаах, актыыбынай о5ону иитээччилэрэ собулууллэр.  Ити сылдьан сурдээх сытыы уонна кулууптан арахпат уолу собулуу короллор. Биирдэ сирэйин чо5унан киртитэ туьэн, батта5ын эбии сахсатан баран ханнык эрэ испэктээккэ оонньото  киллэрэллэр. Онтон устунан кини кулууптан, театртан арахпат, испэктээктэргэ кыттар буолар. Манна 4 сыл олорбут.

Спиридон Алексеевич 1928 сыллаахха Ленинскэй комсомол кэккэтигэр киирбитэ. Дьокуускайдаа5ы  типография5а наборщик уорэнээччитинэн улэлии-улэлии слесарнай-механическай оскуола5а уорэммитэ.  Онно сылдьан сана уоскээбит Саха театрыгар элбэх испэктээхтэргэ кыттар.. Талааннаа5ын таба корон комсомол обкома 1930 сыллаахха Москва5а театральнай техникумна уорэххэ ыыппыт. Москва5а тиийэн бэйэтэ да олус ба5алаах киьи ис иьиттэн бэриниилээхтик кыьанан-муьэнэн уорэнэн, техникум режиссерскай факультетын ситиьиилээхтик бутэрэр. С.А. Григорьев эдэркээн, 22 эрэ саастаа5ар режиссер идэтин баьылаан торообут дойдутугар эргиллэн кэлэр. Ити уорэммит техникума кэнники Луначарскай   аатынан театральнай институт буолбута. Кини улэлээбит бастакы сылларыттан режиссер быьыытынан чахчы кыахтаа5ын, театр сайдыытыгар кэскиллээ5и оноруохтаа5ын бар-дьонугар чуолкайдык биллэрбитэ.

1933 сыллаахха саха маннайгы урдук уорэх дипломнаах режиссера улэтин са5алаабыта. Киэн билиилээх, элбэх сана идеялаах, сытыы – хотуу эдэр эрчимнээх режиссер кэлиитэ сана ата5ар туран эрэр Саха театрыгар сана суурээни киллэрбитэ. Бастакы испиктээгин биллиилээх сэбиэскэй суруйааччы Киршон «Бурдук» диэн пьесатын туруорбута. Хара маннайгыттан театрга сценическэй реализмы, олоххо баарын курдук оонньууру ситиьэ сатыыра. Театрга улэлиир бастакы сылларыттан театр иьинэн ус тогул студияны аьан улэлэппитэ. Бу артыыстар кэнники улэлэригэр улахан комо, тирэх буолбута. Саха драматургиятыгар аан бастакы улэтэ Амма Аччыгыйын «Ситим быстыыта» айымньытынан туруорбут испэктээгэ буолар.

Кини аан бастаан саха корооччутун мировой классика пьесатын кытта билиьиннэрбит киьинэн буолар. 1955 сыллаахха Шекспир «Отеллота» туруута, Отелло оруолун Д.Ф Ходулов толоруута Саха сирин театральнай эйгэтигэр улахан умнуллубат тугэн буолбута. Со5урууттан кэлэр театральнай кириитиктэр урдуктук сыаналаабыттара.

Спиридон Алексеевич бастакынан саха театрын сыанатыгар В.И. Ленин уобараьын кордорууну са5алаабыта. Н. Погодин «Саалаах киьитин», В. Вишневскай «Умнуллубат 1919-ьун» туруорбута. Ленин уобараьын аан бастаан П.М. Решетников, А.Е. Ефремов айбыттара.

40-тан тахса сыл театрга улэлиирин устата 100-тэн тахса испэктээги туруорбута. Олортон бастыннара бастакы национальнай театр кыьыл комус фондатыгар киирбиттэрэ. Кини туруорбут испэктээктэрэ А.Софронов «Дьаданы Дьаакып», Амма Аччыгыйа «Ситим быстыыта», В. Иванов «Бронепоезд 14-69», Суорун Омоллоон «Айаал»,  Максим Горькай «Тугэххэ», В. Протодьяконов «Манчаары», В. Шекспир «Отелло», Мдивани «Алькасар», Шиллер «Уодаьын уонна таптал», Эрилик Эристиин «Маарыкчаан ыччаттара», Степан Ефремов «Ини-бии», А. Островскай «Дьаданы буруй буолбатах», Фонвизин «Тоннор торуох», Погодин «Саалаах киьи», Софрон Данилов «Сахалар ааттарыттан» уо.д.а. Саха театрын историятыгар комус буукубанан сурулла сылдьаллар. Туруорааччы режиссер быьыытынан кини элбэх жанры баьылаабыта.  Кини П.А. Ойуунускай аатынан Саха государственнай  драматическай театрга уус-уран салайааччынан, кылаабынай режиссерунан улэлиирин устатыгар, режиссер эрэ быьыытынан буолбакка, артыыстарга учуутал, олохторугар-дьаьахтарыгар кыьаллар-муьэллэр а5а курдук буолбута. Элбэх колуонэ артыыстар кини испэктээгэр чочуллан, норуокка, корооччугэ биллэр-костор бочуоттаах, ааттаах – суоллаах артыыстар буола ууммуттэрэ.

Кини режиссердуурун таьынан бэйэтэ эмиэ оонньуур эбит. Ол курдук, «Кукур Ууска» кинээс Бииктэрин, «Тугэххэ» Луканы, «Бэйэ дьоно аахсыахпыт» Расположенскайы оонньообут. 1968 сыллаахха Рижскэй киностудия5а «Уьун кун сарданата» диэн киинэ5э кырдьа5ас бартыьаан оруолун оонньообут.

С.А. Григорьев-бэйэтин кэмин ча5ылхай уола, кини аата уйэ-саас тухары Саха театральнай искусствотын историятыгар комус буукубанан киирэн турар. Театр артыыстара, дьоно-сэргэтэ, аймахтара кинини театральнай фанат быьыытынан билинэллэр. Пенсия5а тахсан баран ыараханнык ыалдьа сылдьан, сэниэтэ молтообутун да билиммэккэ, кун аайы театрга барара. Биир да сана оонньууну, генеральнай репетицияны, бэлиэ куннэри котуппэт эбит. Онноо5ор кун аайы кэлэ тураары, театрыгар чугаьаан, сана ылбыт дьиэтин эргэ5э атастаьан турардаах. Кыанарын тухары сылый аайы Москва5а театр сезона арылларыгар барара. Спиридон Алексеевич дьонно-сэргэ5э наьаа элэккэй сыьыаннаа5а. билбэт киьитэ суо5ун кэриэтэ буолара.

Спиридон Григорьев  кэргэнин Елизавета Петровнаны кытта уйэ анара иллээхтик олорбуттара, сэттэ о5ону, элбэх сиэни иитэн таьаарбыттара.  О5олоро, сиэннэрэ  бары уорэхтээх дьон. Спиридон Алексеевич улахан кыыьа Людмила Спиридоновна Григорьева Улахан Аанна Спиридон Алексеевич Григорьев торообутэ 105 сылыгар аналлаах тэрээьиннэ  кэлэ сылдьан  ахтыытыттан: «Биьиги а5абыт торообут дойдутун Улахан Ааны олус истинник саныыбыт. Ийэбит Еланкаттан торуттээх буолан, сайын аайы сайылыы кэлээччибит. А5абыт дьиэтигэр-уотугар сурдээх эйэ5эс, амарах киьи этэ. Тоьо да тубуктээх улэ уоьугэр сырыттар, быыс булан о5олорун кытта кулэ-уорэ оонньуурун, кэпсэтэрин собулуурэ. О5олоро, сиэннэрэ  а5аларын, эьэлэрин туьунан олус истинник саныыбыт. Кини о5олоругар  уонна сиэннэригэр  мэлдьи кэьиилээх буолара, ол быыьыгар   кинигэ бэлэхтиир идэлээ5э. А5абыт биьигини, о5олорун,  улуу поэт Пушкин айымньыларын геройдарын ааттарынан ааттаабыт. Арай уьус уолун финскэй сэриигэ барбытын кэннэ ийэбит бэйэтэ Анатолий диэн ааттаабыт эбит. Ол курдук,  Людмила,  Руслан, Евгений, Татьяна, Владимир, Петр. Ийэбит эт бэрэскитин наьаа да минньигэстик астыыра. Бэрэски буьарда5ына а5абыт толоппуонунэн о5олорун, сиэннэрин, атастарын бэрэскигэ ынырара. Биьиги дьиэбитигэр мэлдьи толору ыалдьыт, хоноьо буолааччы. Саха биллиилээх суруйааччыта Степан Павлович Ефремов кэлэн кулэ-кулэ: «Мин кэллим. Урут кэлбиттэр дьиэ5итин булунун»,- диэбитинэн киирэрэ. Элбэх киьиэхэ уорэнэн хаалан биирдэ эбит ким да кэлбэтэ5инэ тэьийбэт этибит. Биьиги идэ таларбытыгар, тороппуттэрбит кыттыспатахтара. Ол иьин буолуо, бары араас хайысхалаах идэлээх дьоммут. О5олоруттан биир да артыыьы, культура5а сыьыаннаах о5ону ииппэккэ, ити ба5а санаатын сиэннэригэр коруон ба5арара. Ол гынан баран, сиэннэрэ да театр оттунэн барбатылар». Билигин Ойуунускай аатынан саха драматическай театрын  директора Петр Тимофеевич Макаров Спиридон Григорьев айма5а буолар. Онон ситим быстыбат.

Кини оло5ун тиьэх кунугэр диэри тапталлаах театрыгар, саха искусствотыгар мунура суох бэриниилээх этэ. Торообут нэьилиэгин дьоно-сэргэтэ, салалтата  Спиридон Алексеевич Григорьев утуо аатын уйэтитэн, кининэн киэн туттан 2000 сыллаахха «Аан-Аартык» култуура киинигэр  уонна дэриэбинэ саамай уьун уулуссатыгар кини аатын инэрбиттэрэ.

Альбина Трифонова

Улахан Аан олохтоох бибилэтиэкэтин улэьитэ

 

[su_youtube_advanced url=»https://youtu.be/OKQ3C5t-S1M»]