Сейчас ваша корзина пуста!
Дьөппөннөр сайылык күнүн көрсө «Саха асчыта» күрэҕи ыытылар
Ыам ыйын 22 күнүгэр 1- Дьөппөн сиригэр Тиит-Эбэ нэһилиэгэр Сайылык күнүгэр «Сайыны көрсүү» тэрээһин бэрт сэргэхтик ааста. Сарсыардаттан чаҕылыччы тыкпыт күннээх былыта суох күөх халлааммыт сайыҥҥылыы сылаас күнү бэлэх уунна. Мэндэ Эбэбит Үрэҕин үрдүгэр мустаммыт Алҕанан, сиэри- туому тутуһан, сайыҥҥа үктэммит үөрүүбүтүн үллэстэ муһуннубут.
Нэһилиэкпит биэс түөлбэлэрэ хамаанда туруоран «Саха асчыттара» күрэххэ кытыннылар.
Күрэх түһүмэхтэрэ:
1.Байанай бэлэҕин куһу үргээн, ыраастаан сууйуу.
2.Сахалыы лапса оҥоруу.
3.Хортуоппуй ыраастааһына.
4.Алаадьы астааһына.
5.Саламаат буһарыы.
Бары да кыттааччылар илин кэлин түсүһэн асчыт бэртэрэ сөхтөрдө. Ол кэннэ остуол тула олорон сахалыы лапсалаах, хортуоппуйдаах кус миинэ бары бииргэ түмсэн олорон саха аһын амсайдыбыт. Тыыннаах уокка буспут миин, минньигэс саламаат, сып- сымнаҕас сылаас алаадьы айылҕаҕа аһаатахха минньигэһэ сүр. Дьон- сэргэ үөрүүтүн үллэстэн бары биир тыыҥҥа киирбит туруктара көрүөхтэн- истиэхтэн кэрэ, киһи сүргэтин көтөхтө.
Күрэххэ кыайыыны Туойдаах түөлбэ ылан үөрүүтэ үксээтэ.Салайааччы Н.Д.Яковлева.Ол кэннэ түһүлгэҕэ киирэн Күн үҥкүүтүн Оһуохайы оройуттан туттубут.
Күрэххэ кыттан сэргэхсиппит дьоммутугар, минньигэс миини буһарбыт уолаттарбытыгар, түөлбэлэр салайааччыларыгар, нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр, оһуохай эппит Вячеслав Барамыгиҥҥа, Надежда Мироноваҕа, Культура Киинин үлэһиттэригэр чэгиэн туругу, дьолу- тапталы, үрдүк ситиһиилэри баҕарыаххайыҥ!
Добавить комментарий