КҮӨРДЭМҤЭ ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ, СУРУК-БИЧИК НЭДИЭЛЭТИН ДЭКЭЭДЭТЭ
- 24/02/2022
- 58
- нет
ОЛУННЬУ ЫЙ 13 КҮНЭ — ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ УОННА СУРУК-БИЧИК КҮНЭ.
Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турдун!
Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр, саха норуотун улуу сырдатааччыта, талааннаах лингвист Семен Андреевич Новгородов 130 сылыгар, Саха АССР 100 сылыгар анаммыт дэкээдэ чэрчитинэн тылбытын туругурда, «Сайда тур саргылаах саха саҥата» күрэх ыытылынна, түһүмэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттан «ҮРГЭЛ» оскуола хамаандата бастаата, 2 үрдэл-эдэр ыччат «Күрүлгэн» түмсүүтэ, 3 үрдэл- «Туллукчаан» оҕо уһуйаана.
Олунньу 14 күнүгэр “Саха дьыктаан” республиканскай акция ыытылынна. Бу тэрээһиҥҥэ 2-Дьөппөн орто оскуолатын учууталлара көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Тэрийээччилэринэн 2-Дьөппөн олохтоох библиотеката, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Национальнай библиотека уонна Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй университет саха тылын хаапыдырата буоллулар.
Тиэкис норуодунай суруйааччы Софрон Данилов “Барымаҥ да, кубалар” романыттан быһа тардыы.
Салҕыы, Семен Петрович Данилов 105 сылыгар аналлаах, «Туойабын төрөөбүт дойдуубун» улуустааҕы кэтэхтэн ыытыллар хоһоон күрэҕэ көхтөөхтүк ыытылынна уонна түмүктүүр тэрээһин «Төрөөбүт төрүт тыл омук кэскилэ» Аман Өс нэдиэлэбитин киэргэттэ, тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыыны ылбыккытыгар махталбытын тиэрдэбит!!!
Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турдун! Төрөөбүт тылгытын таптаан, харыстаан, сайыннарын!!! ??????????
[su_youtube_advanced url=»https://youtu.be/5ASqEpTJjrY»]