Күндү Күөрдэм сирин ытык-мааны дьонун уонна ыалдьыттарын үрүҥ илгэ ыһыаҕар бука барыгытын ыҥырабыт☀🌿🙌🏻

от автора

в

Галина Иванова – Айтыына Уран
Сарсыардаттан сандаар күн
Бүгүн үүннэ саҥа күн,
Алгыс түстээх ааһыаҕа
Сахам сайдам ыһыаҕа.

Оһуон-оһуон, оһуон тойук
Оһуокайбыт дуорайбыт,
Эһиэн-эһиэн, эһиэн ээйик
Эһиэкэйбит дьиэрэйбит.

Үрүн тунах ыһыаҕын
Ыһар үтүө күн үүммүт,
Сирэм күөҕү симэммит
Чэчир хамсыы чэлгийбит.
Ойуу-мандар оһуордаах
Илгэ иһит кэккэлэспит,
Чоруун чороон чоҕуоруспут,
Сахам aha тоҕуоруспут.

Түһүлгэҕэ дойдум дьоно
Төбүрүөннүү түмсүбүт,
Быһый атах туос ойо
Кылыйбахтыы кыырайбыт.

Хаарыс солко таҥас кэппит
Сахам кыыһа сандаарбыт,
Эдэр, дохсун уолан кутун
Бүгүн ордук долгуппут.

Күммүт үөрэн күөрэйбит,
Күлүм чаҕыл күөгэйбит,
Күөрэгэйбит көччүйбүт,
Күөхтүүр дуолга чэччийбит.


Комментарии

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *