Муус устар 8 күнүгэр Реас Алексеевич Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сааһын туолар
- 08/04/2024
- 190
- нет
Реас Алексеевич Кулаковскай
(1914-1993)
Муус устар 8 күнүгэр Реас Алексеевич Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сааһын туолар
- Сахалартан бастакы удьуор суруйааччы. Аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй.
- Киэһэ аайы дьиэ-кэргэнигэр остуоруйалыыр үһү: «Остуоруйа барда!» — диэн баран, араас мүччүргэннээх, көрдөөх, толкуйдатар остуоруйалары кэпсиирин оҕолоро, сиэннэрэ ахталлар.
- Бэлисипиэтинэн сылдьарын сөбүлүүрэ, күн аайы зарядкалыыра, тымныы уунан куттара.
- Аҕата «Эрэйи аас, Реас» диэн IVс үйэҕэ дьон туһугар олоҕун толук биэрбит сибэтиэй Реас аатын биэрбит.
- 12 сааһыгар төгүрүк тулаайах хаалбыта. Эрэйи-муҥу билэн, бииргэ төрөөбүттэрин сүтэрэн, сотору-сотору үлэтэ суох хаалан, былаастан кынчарыллан, аҕата алҕаабытын курдук ордон, үөрэхтэнэн, үйэтин тухары учууталлаабыта.
- Илии-атах оонньуутугар Саха сиригэр аатырбыт спортсмен, күүстээх саахыматчыт, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр кыттар ырыаһыт, артыыс, уһулуччулаах учуутал.
- Аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй уонна абаҕата И.Е.Кулаковскай-Оонньуулаах Уйбаан рукописьтарын, докумуоннарын хомуйан, бэйэтигэр баарын кистээн, харыстаан илдьэ сылдьыбыт.
- Аҕатын курдук саха фольклорун хомуйуунан дьарыктанар эбит. Ол түмүгэр Таатта олоҥхоһуттарын олоҥхолорун, ырыаларын, кэпсээннэрин устубута кэлин бэчээккэ тахсыбыта.
- 1962 сыллаахха аҕатын 85 сааһын туолар үбүлүөйүгэр олорон, «арааһата, суруйарга дьэ сөп кэм кэлбит эбит» дии санаабыт, ол сылтан ыла бэчээттэнэр буолбут.
- Суорун Омоллоон этэн турар: «Реас Алексеевич! Эн аҕаҥ миигин үөрэппитэ. Мин эйигин үөрэппитим. Оттон суруйууга мин эйигиттэн үөрэниэх курдук буолан бардым. Эн ис киирбэх, лоп курдук, оноолоох толкуйдаах, хоннохтоох суруйааччы буоллуҥ».
- Сахалыы-нууччалыы саҥарар да, суруйар да тыла баайын, уус-уранын истибит, аахпыт киһи барыта сөҕөр-махтайар, кэрэхсиир эбит.
- Саамай биллэр айымньыта – «Аҕам олоҕо» (1990), 11 сыл тухары суруйбут. Документальнай ахтыы сэһэҥҥэ суруйааччы А.Е.Кулаковскай көлүөнэтин, биир дойдулаахтарын, доҕотторун ахтыыларыгар олоҕуран, төрөппүт аҕатын – Өксөкүлээх Өлөксөй кыһалҕалаах дьылҕатын ойуулуур.
- Бэйэтэ туспа, хатыламмат суоллаах-иистээх, тыллаах-өстөөх прозаик, поэт. Айымньылара барыта иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноохтор диэххэ сөп. Оҕолорго аналлаах хоһооннору, кэпсээннэри таһынан, «Орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор» диэн олоҥхо суруйбута.
- Бу матырыйаалга Сандаара Кулаковская тус бырайыагынан «Саха сиринээҕи С.А.Новгородов аатынан «Айар» национальнай кыһаҕа» хомуллан тахсыбыт «Бииргэ ааҕыахха» кинигэттэн туһанныбыт.