Сэтинньи 24-25 күннэригэр Хачыкаат модельнай библиотекатын, «Сарыал» КК тэрийиилэринэн Олоҥхо күнүгэр аналлаах » Туругура турдун, Улуу Олоҥхо» диэн тэрээһин ыытыллар. «Олоҥхо — саха норуотун киэҥ туттуута» кинигэ быыстапкатын ырытыы, «Хаҥалас олоҥхоһуттара» бэсиэдэ ааҕааччылар болҕомтолорун тарта. Тэрээһиннэ олоҥхонон үлүһүйэр, улууска, республикаҕа ыытыллыбыт Олоҥхоҕо аналлаах элбэх тэрээһиннэр кыайыылаахтара Сулейманов Дима кыттыыны ылла.