Поэзия күнүгэр

от автора

в

Кулун тутар 21 күнүгэр улуустааҕы бибилэтиэкэ иһинэн үлэлиир  айар түмсүү кыттыылаахтара Аан дойдуга поэзия күнүн  көхтөөхтүк бэлиэтээтилэр. Бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар: Николай Степанович Егоров – Ньукулай Түөлбээкэп, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин суруналыыстарын сойууһун уонна   Саха сирин суруйааччылар сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүблүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Өктөмнөөҕү “Үнүгэс” айар түмсүү салайааччыта, Валерий Софронович Данилов– Эркин, суруйааччылар сойуустарын Норуоттар икки ардыларынааҕы тумсүүлэрин, Саха Өрөспүүблүкэтан суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Татьяна Михайловна Петрова – Мойуу Кыыһа,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

«Алыптаах поэзияҕа айан” литературнай биэчэр үс түһүмэҕинэн ааста, бастакынан  “ Хас биирдии этиибэр иэйии…” хоһоон күрэҕэ буолла. Дьиэ кэргэн сылыгар уонна поэзия күнүгэр ананна. Күрэх кыайылаахтарыгар  “Добун сурук” туттарыллынна. Кыайыылааҕынан Ольга Острельдина — Уокка,  иккис үрдэлгэ  Татьяна Петрова — Мойуу Кыыһа, үһүс үрдэлгэ  Анастасия  Ющенко – Алгыстаана буоллулар.

         Иккис түһүмэххэ « 2023 — мин саҥа кинигэм”  диэн автортан видеоинтервью ыытылынна.

Үһүс түһүмэххэ  “Көҥүл ааҕыы” диэн поэзияҕа, дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах хоһооннор киэҥник ааҕылыннылар. Тэрээһиҥҥэ кыттыыыны ылбыт айар талааннаах дьоммутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Айар талааҥҥыт аартыга арылыннын!


Комментарии

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *