Саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ. Дмитриев Георгий Михайлович Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу кыайыы кыттыылааҕа
- 21/12/2020
- 50
- нет
Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылын бэлиэтиир сылыгар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕар Дмитриев Георгий Михайловичка анаммыт кинигэни нэһилиэкпит дьонугар, ааҕааччыларыгар куйаар нөҥүө Өктөм, Чапаев нэһилиэгин библиотекалара сүрэхтээтилэр. Кинигэ бэчээттэнэн таҕыста СӨ «Дани — Алмас» национальнай кинигэ кыһатыгар.
Кинигэни хомуйан оҥордулар Георгий Михайлович төрөппүт оҕолоро Г.Г. Федорова, А.Г. Дмитриева, сиэнэ Н.П.Кириллина. Кинигэ Георгий Михайлович бииргэ алтыспыт, үөрэммит, үлэлээбит чугас доҕотторун, биир идэлээхтэрин, аймах – билэ дьоннорун сылаас, истиҥ тыллардаах ахтыыларыттан таҥыллыбыт. Кинигэҕэ Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгин олохтооҕо, “Хорсунун иһин”, “Германияны кыайыы иһин» мэтээллэрдээх буойун — учуутал Георгий Михайлович Дмитриев олоҕун толору арыйар хаартыскалар, ахтыылар, кинини амарах аҕа, эйэҕэс эһээ, элбэх ыччаты үтүөҕэ – кэрэҕэ уһуйбут учууталынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитин туһунан истиҥник чочуллан суруллубутунан, тас көстүүтэ, таҥыллыыта, элбэх хаартыскалааҕа ааҕааччыны тардар.
- Аан тыл
- Бастакы, иккис, түһүмэхтэригэр Дмитриев Г.М. бойобуой суола. сэрии толоонугар геройдуу сырыылара киирбит.
- Дмитриевтар – Кумахтаах Маалтааны төрүт олохтоохторо
- Ахтыылар
Георгий Михайлович олоҕун салгыыр, ситиспэтэҕин ситиһэр элбэх кэнчээри ыччаттардаах. Кинилэр аҕаларын, эһээлэрин аатын үйэтитэ, саната тураллара махталлаах.
Кинигэҕэ киһи кэрэхсиирэ элбэх.
Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.