Республика бүттүүнэ Саха норуотун чулуу уола, бөдөҥ государственнай общественнай- политическай деятель И.Е.ВИНОКУРОВ быйыл төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтиир.

Сэрии кэмигэр ас-таҥас мөлтөҕүттэн, тиийбэтиттэн тоҥуу-хатыы, сут дьыллар бүрүүкээн аччыктааһын элбэҕиттэн уонна араас ыарыылар турууларыттан дьон өлүүтэ элбэх этэ. Ол гынан баран, саха норуота чулуу уолаттарын өйүнэн, кинилэр туруорсууларынан, кыһалҕаттан тахсыы баар этэ. Кинилэртэн биирдэстэрэ ВИНОКУРОВ ИЛЬЯ ЕГОРОВИЧ буолар.

Дьон хоргуйан, маассабайдык өлөн барбытыгар дойду салалтатыгар түрүлүөнү тардыбыта. Сэрии тыйыс кэмигэр бу хорсун быһыы этэ. 1943 сыл муус устарыгар ВКП (б) Киин кэмитиэтэ Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын туһунан уураах ылыммыта. Ыам ыйын 24-27 күннэригэр буолбут обком тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах пленумугар Винокуров хорсуннук тыл эппитэ. Онтон от ыйыгар кинини совнарком бэрэстээтэлинэн анаабыттара.

Тута араас таһымнаах мунньахтар буолуталаабыттара, ол түмүгэр хас биирдии колхуостаахха тус хаһаайыстыбатыгар хайаан да биир ынах көрүллүөхтээх диэн уураахтаабыттара, колхуостар уонна колхуостаахтар судаарыстыба иннигэр иэстэрэ сотуллубута, бурдук лимиитэ үрдэтиллибитэ, сайын колхуостаахтарга кымыс оҥостоллоругар биэлэри ыаттара биэрэр буолбуттара, быстыбыт колхуостаахтарга анаан уопсастыбаннай резервэ пуондата тэриллибитэ, итии аһылык бэриллэр буолбута уо.д.а. элбэх чэпчэтиилэр, көмөлөр оҥоһуллубуттара.

1944 сыллаахха сэтинньи 24 күнүгэр «Советтар Знамялара» хаһыакка  «Күүтүллүбүт кыайыы чааһа чугаһаан иһэр» диэн Орджоникидзевскай оройуон т/х бастаан иһээччилэрин сүбэ мунньаҕар 1944 с сэтинньи 19 күнүгэр Саха АССР Совнаркомун председателэ Винокуров И.Е. тыл этиитин бэчээттээбиттэрин, электроннай библиотека /xanq-elib.ru/ нөҥүө булан, ааҕааччы сэҥээриитигэр таһаарабын.

 

Матырыйаалы  бэлэмнээтэ Хоточчу олохтоох библиотеката.