Саха сирин кэрэтэ-хомоҕой хоһооннорго
- 27/04/2021
- 1548
- нет
Муус устар 27күнүгэр Саха сирэ биир сүрүн государственнай бырааһынньыгын – Республика күнүн бэлиэтиир. 1922 сыллаахха бу күн Саха автономиятын тэрийэр туһунан декретка илии баттаммыта. Саха сирин олохтоохторун Республикабыт күнүнэн эҕэрдэлээн туран “Саха сирин кэрэтэ-хомоҕой хоһооннорго” диэн Саха сирин туһунан бастыҥ хоһооннору кытта билсэргитигэр ыҥырабыт.
Лирика… сүрэх иэйиитэ. Сүрэх ис-иһиттэн этэр тыллара. Киһиэхэ таптал, төрөөбүт дойдуга таптал баар буолан Поэзия үөскээтэҕэ, лира тыаһыныы ыллыыр Лирика үөдүйдэҕэ.
Биһиги улуу ийэбит – төрөөбүт дойдубут. Сахабыт сирин ийэ айылҕатын дьэрэкээн оһуорун-дьарҕаатын, ааҕан ситиллибэт араас көстүүлэрин саха поэттара хомоҕой хоһоонноругар хоһуйбуттара. Кинилэр саха норуотун өйүттэн-сүрэҕиттэн сүппэт, өлбөт үйэлээх, уостан түспэт ырыа буолбут хоһооннору хаалларбыттара.